Page 195 - Өнөрдөр Аҕа дойду сэриитигэр. I чааһа
P. 195
дойду олоҕутган барбыттара быданнаата. Төһө даҕаны «суруллу-
бут - суоруллубат» дэммитин иһин, биһиги көлүөнэ дьон «сэрии
тулаайаҕа» диэн туох да көмөтө суох дьарылыкпытын илдьэ орто
дойду олоҕуттан барыахпыт турдаҕа... Саныахха олус ыарахан,
Дьылҕа Хаан ыйааҕа буоллаҕа эрэ диибит...
Атласов Иван Петрович ыар ындыы санаата, билиҥҥи баар
сэрии буойунун тулаайахтарын барыларын санаата буолара саар-
баҕа суох...
Уйбаан БАХСЫЛЫЫРАП
Окоемовка бөһ. 2014 сыл.
Өнөрдөр Аҕа дойду сэриитигэр
Сэрии уонна тыыл кэминээҕи чахчылар
Россияҕа уонна Саха сиригэр Аан дойду иккис сэриитэ ааҥ-
ныырыгар тыа олохтоохторо бу алдьархайдаах түгэни көрсөргө
бэлэмэ суох этилэр. Өскөтүн Саха сиригэр ити кэмнээҕи буолан
ааспыт событиелары кыратык ахтан ааһар буоллахха, саҥа көҥүлү
туппут саха дьоно ыарахан кэмнэри ааһан, саҥа олоҕу тутан дьэ
киһилии олоруохтаах этилэр. Ол эрэн 1927-1928 уонна 1937 сыл-
лардааҕы репрессия салрнан бара турар кэмэ этэ. Аҥаардас бу
кэмҥэ Саха сирин чулуу дьонноро 3000 киһи, ол иһигэр улахан
салалтаҕа үлэлии сылдьар 300-кэ киһи хааллан, биитэр ытыл-
лан, суох буола турар кэмнэрэ этэ. Ол аҥаардас Дьокуускай
куораты эрэ буолбакка, тыа оройуоннарын салалтатын, чуолаан
киин оройуоннар бастын дьоннорун барытын хаарыйбыта. Онон,
олохтоох дьаһаныы улаханнык сатарыйбыт кэмэ этэ. Сэрии буо-
лаатын кыгга улахан саастаах, үлэни кыайар эр киһи отго, эдэр
ыччат бастыҥа барыта сэриигэ барбыттара. Ол түмүгэр, тыылга
оҕо-дьахтар, ыарыһах, кырдьаҕас-кыаммат өттө хаалбыта. Ити ба-
рыта биллэр суол.
Сэрии кэминээҕи чахчылары ахтар буоллахха, Захаровтар
киэҥ аймахтан түөрт киһи уоттаах сэриигэ барбыта. Аҕам биир-
гэ төрөөбүт быраата Семен Степанович Захаров (1916-1943) 1941
сыл от ыйыгар бастакы ыҥырыыга сэрии толоонугар барбыта.
Кини сэрии иннинээҕи олоҕун туһунан син балачча ахтыылар
бааллар эрээри, кини туһунан аҕыйах тылы суруйуохпун баҕа-
рабын. Аҕалара Степан Николаевич Захаров (1891 с.т.-) - бөҕө-
таҕа көрүҥнээх, бэйэтин сүрдээҕин кыанар, сырдык сирэйдээх,
191

