Page 65 - Нэһилиэк төһүү дьоно
P. 65

ҕа ыалдьыбытыгар дьахталлар: «Олус маанымсыйаҕын, ол иһин
      ыалдьар», — диэн сэмэлиэхтэрэ дуо? Оччолорго мыыла да суоҕа,
       эгэ туалетнай кэлиэ дуо? Арыпыанаҕа эрэ баара.
         Арыпыан,  билиигэ-көрүүгэ баҕалаах,  барыга бары  сыстаҕас
       кыыс,  колхозка бастакы  кэлбит тыа хаһаайыстыбатын  массыы-
       наларын билэ охсон үлэлэтэрэ. Өйдүүбүн ээ, үрэххэ бастакы сэп-
       пэрээтэри  аҕалбыттарыгар  көрө охсоору үрэх  ыалларын дьах-
      таллара бары ферма дьиэтигэр кэлбиттэрин. Арыпыан дүлүҥҥэ
      таҥыллан олордуллубут сэппэрээтэри иитэн үлэлэтэн тигинэп-
       питэ. Үүтэ, сүөгэйэ араарылла охсубутун сөхпүттэрэ аҕай, биһи-
       ги, оҕолор, эмиэ.  Күүгэнин  күөрчэхдиэн сиэри  гыммыппытын
       «искит ыалдьыа» диэн сиэппэтэхтэрэ. Арыпыан ким хайа инни-
       нэ от охсор, мунньар массыыналарга үөрэҕэ суох аттары көлүйэн
       Эбэ,  Бүтэйдээх алаастарга дьүөгэлэрэ  Балаайалардыын,  бэйэтэ
      бииртуһунан кэрэдьүһүннээхэдэрдьахтар Ыстапаан Маайаты-
       наан от оҕустарара,  мустарара. Эр дьон  массыына кыайан сыл-
      дьыбат сирдэринэн  уутун  отун,  тыатын  саҕатын,  быллаардаах
      өттүлэрин  охсоллоро,  бугуллууллара,  кэбиһиигэ  сылдьаллара.
       Эбэ,  Бүтэйдээх алаастар  саамай  көнө  хонуулаах,  от  муҥутаан
      үүнэр колхоз бастыҥ ходуһалара этилэр. Онно наар сулумах ыч-
      чат, саҥа ыал буолбут эдэр дьон өтөхтөргө хоно сылдьан үлэлиил-
      лэрэ.  Эрчимнээх эдэр дьон  алаастарын  өр гымматтара.  Оту ар-
      дахха ылларбакка, тута хомуйан, бөдөҥ кэбиһиилээх оттору лөг-
      лөрүтэн  кэбиһэллэрэ.  Омурҕаннарга,  киэһэ, сарсыарда,  кылгас
      да сынньалаҥнарга күлүү-оонньуу, көрдөөх кэпсээн бөҕө буолал-
      лара.  Ордук  күүһү холоһууга,  атах оонньууларыгар  күрэхтэһэл-
      лэрэ.  Кыргыттартан  сүүрүүгэ Арыпыан Литвинцев  Ньукулайга
      уонна убайа Төөтөйгө эрэ кыайтарара.
         Оччолорго саҥа суруйан эрэр поэттар хоһооннорун, ырыала-
       рын  ааҕаллара,  ыллыыллара.  Онно да Арыпыан  бастыҥнара.
       Кырдьык, олус үчүгэйдик ыллыыра.  Күүстээх кэрэ куоластааҕа.
       Ол саҕана киинэ, араадьыйа, кулууп дьиэлэр баалларын да бил-
      бэт кэммит этэ. Ыччат саҥа тарҕанан эрэр аныгылыы ырыалары
      ыллыыра.  Кырдьаҕас өттүлэрэ төгүрүччү олорон көрөллөрө, ис-
      тэллэрэ. Өйдүүбүн ээ, дьиэ ортотугар олоппоско кулаах аатырбыт
      Лэгэнтэй (Тээллээр) оҕонньору олордон баран, оҕонньору эрги-
       йэсиэттиһэсылдьан: «Кулаахбаҕарсалгылаатын — кыһалҕа кыч-
      чыгый»,  — диэн  ыллыылларын.  Онуоха оҕонньордоро олох да
   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70