Page 68 - Нэһилиэк төһүү дьоно
P. 68
көлөтүн куонньугунан сылдьыбыта. Бэйэтэ урут үс сыл сыл-
гыһыттаабыт буолан, сылгы майгытын-сигилитин, туругун үчү-
гэйдик билэрэ.
1957-58 сыллар оҕонньор олоҕун саамай үөрүүлээх, өрөгөй-
дөөх кэмнэрэ эбитэ буолуо. Киниэхэ оччотооҕу колхоз салалтата
саҥа дьиэтуттарга көҥүллүүр. Мин ол кэмҥэ колхозка үлэлээбит
буоламмын, үчүгэйдик билэбин. 1957 сыллаахха дьиэтин маһын
таһыспытым. Икки атынан күҥҥэ иккилиитэ бэрэбинэ состо-
рон киллэрбитим. Сэмэн бэйэтэ эмиэ таспьгга. Нөҥүө сылыгар
саас саҥа дьиэтин тутуспутум. Үлэҕэ аккаастаабат буоламмын,
оҕоыньор миэхэ махтанар этэ. Оттон мин киниэхэ махталым эмиэ
улахан этэ. Ол иһин хайаан да оҥоруохтаахпын оҥорор курдук
сананарым. Аны 1958 сыл күһүнүгэр Диматаыал буолар. Сыбаай-
ба саҥа тутуллубут дьиэҕэ атаарыллар. Үөрүү үрдүгэр үөрүү! Он-
тон бэйэтин аатын ааттатар уол оҕо төрүүр. Онон барыта санаа
хоту буолбута. Ким билиэ баарай, көнө сүрэхтээх үтүө киһи оччо-
лорго төһөлөөх үөрбүтүн?
Билигин мин харахпар оҥорон көрө олоробун — саар тэгил
уҥуохтаах, сөп эттээх-хааннаах, лоп курдук туттуулаах, аҕыйах
саҥалаах Сэмэн оҕонньору. Хотуурун сүгэн баран, бу иннибэр
баран иһэр. Олус сымнаҕастык үктэнэр, оту-маһы, тулатын сэр-
гии көрө иһэр. Ити курдук мин иннибэр өрүү баран иһиэҕэ...
Киэн туттар киһим этэ
(биллиилээх литературовед,
кириитик Н.Э. Копырин туһунан ахтыы)
Билигин сааһыран олорон санаатахха, оҕо
саас, эдэр саас олус да күндүлэр. Улам сыр-
даан дьэрэлийэн көстөргө дылылар ээ. Эҥин
араас кыраасканы түһэрэн оччотооҕу кэм
халлаана үрдүк, күнэ сырдык, ото-маһа ор-
дук күөх буолар эбит. Күнүҥ уотун түөскэр
көтөхтөххүнэ, күөрэгэйин ырыатынан кул-
гааххын манньыттаххына киһи буолан төрөөбүтүҥ киэҥ ис хо-
һооннонон кэлэр. Онтон күөҕэр төкүнүйдэххинэ, күөлүгэр

