Page 119 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 119

НАЙАХЫ нэһилиэгэ

         оҕото  ол  хомуйбут  сиэмэбитин  кыладыапсыкка  ыйатан  баран,  аҥаарын  бэйэбитигэр
         биэрэллэрэ.  Ону дьоммут лэппиэскэ оҥорон сиирбит олус  үчүгэй буолара'.  Онтон саас
         эрдэ  каникулга  сааскы  ыһыы  сиэмэтин  тус-туһунан  ыат  аайы  тарҕатан  сэлиэһинэйи,
         нэһимиэни  араартарадлара  уонна  нуормаҕын  барытын  бүтэрдэххинэ,  кьпадыапсыкка
         туттараҕын.
            Мин,  мөлтөх  доруобуйалаах  буолан,  хотоҥҥо  сүөһү  үлэтигэр  үлэлээбэтэҕим.  Са-
         йылыкка пиэрмэҕэ дьонум, ийэм, саҥаһым ыанньыксыттыыллара, оҕолор уу баһарбыт,
         оһоххо тыаттан  мас таһарбыт.  Оскуолаҕа 6 кылаастан доруобуйам  мөлтөөн сыыйан  кэ-
         биспиттэрэ.  Оскуолабыт  7  кылаастаах  этэ,  ону  ситэ  бүтэрбэккэ  уурайбытым  сүрдээх
         хомолтолоох этэ.
            Сэриигэ  оскуола  дириэктэрэ  Ф.И.  Васильев,  О.И.  Кривошапкин,  В.К.  Петров
         кыттыбыттар  этилэр.  Г.А.  Готовцев,  И.П.  Готовцев,  П.Е.  Жирков.  М.Н.  Находкина,
         Г.А.  Охлопкова,  М.И.  Сивченко, А.М.  Свешникова учууталлаабытгара.  Н.Н.  Тарскай,
         Т.Ф.  Михайлова Аҕа дойду сэриитин  кэмиттэн үлэлээбит учууталлар.
            Мин  кэлин  анал  библиотека  үөрэҕэ  суох да  буолларбын,  Тиит Арыыга  1961-63  сс.
         библиотекарьдаабытым.  Онтон  Тандаҕа  бөдөҥсүйбүт  6  нэһилиэктээх  «Партизан  Его-
         ров» холкуоска сэкирэтээр-машинистканан үлэлир кэммэр ыалдьан, бииргэ эмтэммит
         уолбун  Сивцев  И.П.  кытта доҕордоһон, биир сыл  буолан баран  ыал  буолбуппут.  Кини
         ийэтэ Бугаева П.Н.  иккилээҕэр оҕолонобун диэн, аҕата Сивцев П.Ф,  кини 8 саастааҕар
         сэриигэ баран уоттаах кыргыһыыга өлөн, олох тулаайах хаалбыт, бииргэ төрөөбүтэ суох
         этэ.  Мин  эмиэ тулаайах ийэлээх этим.
            Ыал  буолбут,  оҕолордоох эдьиийдээх этэ.  Онон, дьонноох  буолан,  сүрдээх өйөбүл-
         лээх  этибит.  Ванябын  сүрдээх  истиҥник  көрсөн,  Тандаҕа  аймахтарынаан,  убайынаан
         көмөлөөн, улахан сыбаайбаны тэрийбиттэрэ махтатлаах суол этэ.  1965-67 сс. декретнэй
         уоппускаҕа  барыахпар  диэри  олохтоох  нэһилиэк  сэбиэтигэр  бастаан  бухгатгерынан,
         иккис  сылбар  сэкирэтээринэн  үлэлээбитим.  Ол  саҕана  С.А.  Гаврильев  сэбиэт  бэрэс-
         сэдээтэлэ,  М.С.  Мухина  сэкирэтээр  этэ,  кинилэри  кытта  бухгаттер  Готовцева  П.Л.
         көмөлөрүнэн, сүбэлэринэн  бэркэ үлэлээбиппитигэр махтазым  улахан.
            Онтон  Ваням  Кэҥкэримэҕэ  хас  да  үлэһиттээх  саһыл  ферматыгар  үлэлиирэ.  Икки
         сыл буолан  баран  бөһүөлэккэ олохсуппуттара.  1966 сыллаахха  Ваням  үлэтин  үрдүктүк
         сыаналаан,  «Бочуот  Знага»  уордьанынан  наҕараадазаабыттара.  С.Г.  Васильев  хоругар,
         араас  субуотунньуктарга  кыттарбыт.  Ваня  олус  сэмэй,  сымнаҕас  доҕор,  кэргэн  буо-
         лан тапсарбыт.  Уоллаах  кыыс  оҕолонон, дьоллоох  ыат  этибит.  Кини  миигиттэн  4 сыл
         аҕа буолан,  сэрии,  тыыл  бэтэрээнэ,  мин  сэрии  сылын  оҕото  буолабын.  50-чэ  сыл  эйэ
         дэмнээхтик олорбуппут үтүө өйдөбүл буолан өйтөн-сүрэхтэн  сүппэт.  Сөбүлүүр үлэти-
         гэр бэриниилээх буолан,  60 сыл  үлэлээн,  орто дойдуттан  80 сааһыгар туораабыта.





                                   Сивцева Матрена Егоровна

            Матрена  Егоровна  1945  сыллаахха  ахсынньы  25  күнүгэр
         Дүпсүн  нэһилиэгэр  элбэх  оҕолоох  дьиэ  кэргэҥҥэ  төрөөбүтэ.
         Аҕатара  Соловьев  Егор  Филиппович  бэйэтин  кыанар,  кытыгы-
         рас  киһи  этэ.  65  сааһыгар  диэри  ат  сүүрдүүтүнэн  дьарыктам-
         мыта.  Бу дьиэ  кэргэнтэн  үс  биллэр  спортсмен  үүнэн  тахсыбы-
         та.  Ол  курдук,  эдьиийэ  Мария  Соловьева  сүүрүүгэ,  хайыһарга
         өрөспүүбүлүкэ,  Илин  Сибиир  элбэх  төгүллээх  чемпиона.  при-
         зера,  убайа  Иван  Соловьев  —  үс тустуу маастара.
            Матрена  Егоровна  спордунан  дьарыктаммыта.  Дүпсүн  орто
         оскуолатын  7-с  кылааһыгар  үөрэниэҕитгэн  улахан  дьоҥҥо
         хайыһарга  уонна сүүрүүгэ оройуон  сүүмэрдэммит хамаандатын



                                                     115
   114   115   116   117   118   119   120   121   122   123   124