Page 289 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 289

IХОРО нэһилиэгэ

        ньүнэн онно оҕуруокка, окко үлэлиир этибит.  Барыта 31  сайын лааҕырга үлэлээбитим.
        Оскуолаҕа  42  сыл  учууталлаабытым.  Нэһилиэккэ  10-тан  тахса  сыл  зона  сатаййаччы-
        тынан,  дьахтар  сэбиэтигэр,  кырдьаҕастар  сатайааччьшарынан  уһуннук  үлэлээбитим.
        Би,тигин  7 оҕолоохпун,  23 сиэннээхпин,  13 хос сиэннээхпин.  Кыһынын  куоракка оҕо-
        лорбор  кыстыыбын,  сайынын  Чараҥмар  тахсан  сибиэһэй  салгынынан  тыынан  сын-
        ньанабын,  астынабын.
                                                                                    Ч а р а к   б ө һ ү ө л эгэ
                                                                                        1 2 .0 7 .2 0 1 9  с.


                                 Бурцева Мария Афанасьевна

           Биһиги  ийэбит  Бурцева  (Попова)  Мария  Афанасьевна  1932
        сыллаахха  алтынньы  9  күнүгэр  Уус  Алдан  оройуонун  Бээрийэ
        нэһилиэгэр  Попов Афанасий  Семенович  уонна Захарова Татья-
        на  Васильевна дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ.
           Төрөипүттэрэ  холкуостаахтар  этэ.  Биир  сааһын  туола  или-
        гинэ  ийэтэ  Татыйаас  дойдутугар  Өнөргө  көспүт.  Онон  ийэбит
        аҕатын  иитиитигэр хаалбыт.
           Онтон  Аҕа  дойду  сэриитэ  саҕаланар.  Аҕата  уоггаах  сэриигэ
        барбыт,  кыыһын  бииргэ  төрөөбүт  убайыгар  Попов  Афанасий
        Семеновичка (Торуой Охонооһой) дьиэ кэргэнигэр хаалларбыт.
           Ийэбит  ахтарынан,  дьоно  кинини  бэйэлэрин  төрөппүт  оҕо-
        лорун  курдук  ииппиттэр.  Сэрии  ыар  сыллара  мэһэйдээн,  ийэ-
        бит ситэ үөрэммэккэ 7  кылааһынан уурайан,  холкуос үлэтигэр барбыт.
           Ас-таҥас  кырыымчык буолан,  хаар түһүөр диэри  атах сыгынньах сылдьан  үлэлиир
        этибит диэн  ахтар.
           1954  сыллаахха  Хоро  нэһилиэгин  олохтооҕор  Бурцев  Николай  Николаевичка  кэр-
        гэн  тахсан,  Чаран  бөһүөлэгэр  кэлэн  олохсуйбута.  Чараҥ оскуолатыгар сааһын  тухары
        техүлэһитинэн  үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта.  Ол быыһыгар  10 оҕону (3
        кыыс,  7 уол) төрөтөн,  иитэн дьон оҥортообута.
           1986  сыллаахха  ССРС  Верховнай  Советын  уурааҕынан  «Дьоруой  ийэ»  албан  аат
        иҥэриллибитэ.
           Билигин  ийэбит  —  28  сиэн,  49  хос  сиэн  дьо.ътоох  эбэтэ.  Кини  Чараҥ  бөһүөлэ-
        гэр  көһөн  кэлээт,  уопсастыбаннай  үлэҕэ  активнайдык  кыттан  барбыта.  Биир да  кэн-
        сиэр,  субуотунньук,  күрэхтэһии  кинитэ  суох  буолбат этилэр.  Хаһаайыстыбатыгар  ку-
        руук уонча сүөһүнү аҕатынаан көрөр-истэр, сылга 3-4 ыанар ынахтаах буолаллара.  Ону
        таһынан  сибиинньэ иитэллэрэ, онон  оҕолор бары сибиэһэй  үүккэ-эккэ улааппыппыт.
        Ийэбит,  соҕотох  оҕо  буолан,  сатаабат  үлэтэ  диэн  суоҕа.  Хата,  сорох  эр  дьон  үлэтин
        орто  киһитээҕэр  ордуктук  оҥороро.  Хас  саас  аайы  тыаҕа  уокка  оттор  мас  бэлэмигэр,
        сайын  окко,  күһүн  муҥхаҕа,  оннооҕор  муус  ылыытыгар  тэҥҥэ  сылдьыһан  тиэйсэрэ,
        сүөкэһэрэ.  Маны таһынан сир аһын: дьэдьэн үргээһинигэр,  хаптаҕас, отон хомуйууту-
        гар бөһүөлэккэ тэҥнээҕэ суоҕа.  Ол  курдук дьиэтин,  хотонун  үлэтин  быыһыгар күҥҥэ
        соҕотоҕун 4-уу лаахтаах биэдэрэ отону үргүүрэ.  Кэлин биһигини илдьэ сылдьан күҥҥэ
        10-лыы биэдэрэни  хомуйарбыт.
           Биирдэ  норуодунай суруйааччы  Протодьяконов  В.А.  күһүн  сынньана  кэлэ сылдьан
        сөҕөн,  «Хотугу  Сулус»  сурунаалга  ийэбит  туһунан  суруйбута.  Ийэбит  саха  уус-уран
        айымньытын  сайыннарыыга,  чуолаан  чабырҕаҕы, улахан  үтүөлээх.
           Элбэх оройуоннааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар лауреаттара, кыайыы-
        лаахтара буолар этэ.
           Ийэбит,  Аҕа дойду сэриитин  кэмигэр оҕо сааһа ааһан, тыыл  ыарахан  үлэтигэр  үлэ-
        лээн, аччыктаан,  тоҥон-хатан улааппыт буолан,  олоҕу сыаналыыра.


                                                    285
   284   285   286   287   288   289   290   291   292   293   294