Page 7 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 7
МҮРҮ нэһилиэгэ
Мүрү нэһилиэгэ
Аммосова Дария Федотовна
Сэрии, сэрии, сэрии... Ыарахан тыын. Бу буолан ааспыт сэ-
рии биһиги тапталлаах дойдубутун, киһи аймаҕы барытын ай-
маабыта. Киһи өйүгэр-санаатыгар кыайан киирбэт алдьархайы
аҕалбыта. Хас дьиэ кэргэн барыта таарыллыбыта, аймаммыта.
Мин Курбуһах нэһилиэгин биир саамай түгэх учаастагар,
Толоон Эбэ диэн сиргэ сэрии бүтэр сылыгар Аммосов Федот
Иннокентьевич диэн сааһын ортолоон эрэр холкуостаах дьиэ
кэргэнигэр төрөөбүтүм. Кини өссө булчут этэ. Ийэм Коркина
Анна Егоровна, Чурапчыттан төрүттээҕэ, аан дойдуга биллибит
спортсмен, тренер Коркин Дмитрий Петровичтыын ини-бии
этилэр.
Дьонум иккиэн огдообо хаалан баран, булсуһан сэрии буола
турар кэмигэр ыал буолбуттара. Аҕам бастакы кэргэниттэн 3 оҕолоох этэ: биир уол,
икки кыыс.
Ийэм 6-тын ааһан эрэр кыыстаах мин аҕабар кэлбитэ, Бастакы кэргэнэ ыалдьан
өлбүт этэ. Соҕотох убайым Аммосов Михаил Федотович, саҥа олох олорон иһэн, уол
оҕону төрөтөн, холкуоһугар үлэлии сырыттаҕына, 1942 с. сэриигэ ыҥырыллан, Ленин-
град куораты көмүскүүр кыргыһыыга түбэспитэ уонна аҕыйах ый буолан баран кыр-
гыһыы толоонугар охтубута. Онно ханнык эрэ дэриэбинэҕэ братскай көмүүгэ сытарын
кэнники уола улаатан баран булбут этэ. Убайым соҕотох оҕото улаатан баран, онно
тиийэн эһэтигэр өйдөбүнньүк мемориал туруорбута.
Аҕам сэрии саҕаланыытыгар 56 саастаах буолан сэриигэ ыҥырыллыбатаҕа. Ол он-
нугар холкуоска хаалбыт 5 бэйэтин саастыылаах эр дьону кытта холкуос туох баар
ыарахан үлэтин сэрии бүтүөр диэри толорон кэлбиттэрэ, кыайыыны уһансыбытта-
ра. Үлэтин быыһыгар бултаан госзаготовкаҕа түүлээх туттаран кыайыыга көмө бөҕөнү
оҥорсон, бултаабыт аһыттан-үөлүттэн бииргэ төрөөбүт (5 балтылаах, 1 бырааттаах этэ)
оҕолорун дьиэ кэргэттэрин хоргуйан өлөр суолларыттан быыһаабыта. Бэйэтин ыалла-
рын кытга булдун үллэстэн эмиэ бары сэриини этэҥҥэ туораабыттара. Онон мин аҕам
дьоҥҥо туһата бу хаалбыт көлүөнэҕэ үйэ-саас тухары холобур буолар.
Ийэм аҕабыттан 5-тэ оҕоломмута. Икки оҕото кыра саастарыгар ыалдьан өлбүттэрэ.
Мин икки бырааппын кыгга эрэ хаалбыппыт. Ийэбит 1953 с. огдообо хаатбыта, аҕам
куртаҕа рак буолан 73 сааһыгар күн сириттэн барбыта. Ийэбит ити сыллар тухары хол-
куос үлэтигэр бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Сайын ыамын быыһыгар оттоһоро.
Мин, дьиэҕэ улахан оҕо быһыытынан, бырааттарбын көрөн, дьиэ үлэтин үксүн үлэ-
лэһэн улааппытым. Оскуолаҕа атын дэриэбинэҕэ баран интэринээккэ олорон үөрэм-
миппит. 1960 с. Уус Күөлэ диэн кииммитигэр государственнай интэринээт аһыллан,
3

