Page 11 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 11
МҮРҮ нэһилиэгэ
Күһүн өлөрбүт идэһэ сүөһүтүн тириитин миинин сиэтэр буолаллара. Ол курдук мас
сутукатын кырбаан буһаран сиэтэллэрэ. Дьоммут барахсаттар үөрэ отун тарга буккуйан
хааһылыыллара, ол бастыҥ ас буолара. Кутуйах ордуутугар муспут сиэмэни буллахха,
кылааты булбут саҕа буоларбьгг. Биһиги, син атын ыаллар курдук, дохуоттаах сүөһүлээх
этибит. Аҕам Бережнев Яков Прокопьевич 1905 сыллаахха төрөөбүтэ. «Ситимнэһии»
холкуос туруу үлэһитэ аармыйаҕа бардаҕына, холкуос үлэтэ айгырыыр диэннэр ыыппа-
тахтара. Хараҕын трахуомаҕа бьгһа сиэтэн нэһиилэ сирдэтэр эрэ этэ. Хаттаһатын иһигэр
кыламан үүнэн тулуйумуна миигинэн үргэтэрэ. Сайын уоннуу хонуктаах от үлэтигэр
куонкурус буолара. Аҕам стахановец, сайыны быһа онно барытыгар бастыҥ буолара.
Дьон өллөхтөрүнэ ол буорун кини эрэ хаһара. Урут күн кээмэйэ түөртүүр (күнү кыай-
бат кэмэ) диэн баара. Ол түөртүүргэ диэри саамай уһаатаҕына хайдахтаах да кытаанах
сири бүтэрэрэ үһү. Киһи сөҕүөн курдук дии. Мин бүтэрэн киирэрин өйдүүбүн. Чэ,
быһата, аҕам туһунан киһи сөҕөрө элбэх. Оһуобайдаах киһи төрөөн-үөскээн ааспыта.
Ийэм Ушницкая Мария Гаврильевна (1910 сыллаах төрүөх) дьахтарга оһуобайдаах
дьахтар этэ. Эр киһи курдук булчута. Мындыр өйдөөх, хайа баҕарар булду бултаан аһатан
биһигини дьон оҥордоҕо. Булчут буола уһуйулуннахпыт дии. Холкуоһун үлэтин толо-
ро-толоро быыһыгар бултуура. Холкуоска мин кыра эрдэхпинэ үөһэ суруллубут улахан
хотоҥҥо хотон тас үлэтигэр эр киһи курдук үлэлиирэ. Икки тимир буочукаҕа уу баһан
атыыр оҕуһу көлүйэн таһара. Миигин, быыкаа уолу, алдьархай улахан, үрдүк Найдон
диэн атыыр оҕус үрдүгэр быраҕан баран үүрдэрэрэ. Оҕуһум үрдэ түүтэ кып-кылгас,
киһи халтарыйан түһээри гынар. Эмэһэм хабыллан ытабыл бөҕө буоларым. Сатаан
да олорбоккун, умса түһэн оҕускун кууһан баран сытаҕын. Ити үлэлээн син көлөһүн
күнүн дохуоту ылар быһыылаахтара. Айан аартыга буолан дьонум барахсаттар астарын
сыыһын кэлэр-барар дьон аһыыллара. Ол оннугар саас ас быстаран биһиги хоргуйар-
быт. Ийэм кэлин 1955 сылларга дьиэтин таһыгар баар холкуос хотонугар субай сүөһү
көрөөччүнэн үлэлээбитэ. Ити саҕана ынах сүөһү биһиэхэ саха боруодата буолар этэ.
Наһаа тулуурдаах, өйдөөх сүөһүлэр намыһах унуохтаах буолаллара. Сүөһү аттааһыны-
гар, хааннааһыҥҥа, торбостор күүстэрэ бэрт буолан, тиэрэ көтөн кэбиһэллэрэ. Ийэм
субайдарын сайыҥҥы кэмҥэ эмиэ бэйэтэ бостууктуура.
1936 сыллаахха алаас сирдээхтэргэ маһынан оттуллар тыраахтардар кэлэн сир со-
лоон, бааһына тиэрэн бурҕайбыт буоллахтарына, биһиэхэ, Түүлээххэ, 1955 сыллаахха
тыраахтар кэлэн сир солоон, мас таһан, бааһына тиэрэн, быыкаа оҥоспут бааһына-
лары кэҥэтэн, сиэмэ бөҕөтүн ыһан оччолордооҕу оҕонньору, эмээхсини сөхтөрбүтэ.
Оҕонньоттор дьиэ таһыгар олорон ДТ-54 тыраахтар үлэлиирин көрө-көрө тугу булан
этиэхтэрин булбакка көрөн баран олорор буолаллара. Бастакы тырахтарыыһынан Сив-
цев Дмитрий диэн тиийбитэ. Миитэрэй биир сайын үлэлээн баран МТС-ка төннүбүтэ.
Иккис сайыныгар Захаров Иван Иванович диэн бэрт үчүгэй, намыын киһи тырахта-
рыыһынан тиийбитэ. Түүлээххэ дьиэ-уот туттан уһун кэмҥэ олорбута. Түүлээх нэһи-
лиэгин урукку үлэһит дьонун дьиэлэрин маһын тыаттан таһан элбэх дьиэни тутта-
ран, оччотооҕу дьон Иван Ивановиһы таҥара оҥостубуттара. Соҕотох тыраахтар биир
нэһилиэк үлэтин-хамнаһын хайдах толорон олорбутун билигин сөҕөҕүн эрэ. Быһата,
Түүлээҕи Түүлээх оҥорбут бастакы тырахтарыыс этэ.
1952 сыл «Хаттыгы», «Ситимнэһии», «Кылаайы», «Кыһыл Союз» холкуостар хол-
боһон Ворошилов аатынан холкуос буолбуттара. Бөдөҥсүйбүт холкуос үлэтэ күөстүү
оргуйбута. Холкуос бэрэссэдээтэлинэн Местников Егор Васильевич ананан кэлэн, үлэ
саҥа технологиятын арыйан дьону көҕүлээн үлэни күүскэ ыыппыта. Кэтит сиринэн 5
км усталаах, 2,5 км туоралаах күөлү көһөрөн ходуһа бөҕөтүн таһаарбыттара. Бу «Ситим-
нэһии» холкуоспут киинин анныгар турар Баҕадьа диэн күөл дэбилийэн сытаахтыы-
ра. Көспүтүн кэннэ көтөр-сүүрэр тоҕуоруйар сирэ буолбута. Орто киһи үрдүгүнээҕэр
үрдүк хойуу от үүммүтэ. Сир-сир аайы хотон бөҕө тутуллубута, сыспай сиэллээх бөҕө
тоҕуоруйбута. Оттооһуна барыта илиинэн буолара. Оҕус да киирбэт сымнаҕас сир этэ.
Дьэ мантан ыла көнүү сүнньүгэр барбыппыт.
7

