Page 27 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 27
БААТАВАЙ нэһилиэгэ
тим. Онно өрөбүллэргэ араас үлэлэргэ субуотунньукка кыттарбыт. Бурдук, от хомуура,
сүөһү өлөрүүтүгэр, хотон сыбаҕар, бүтэй тутуутугар сиэрдийэ таһарбыт. Биһиги, элбэх
кэргэттэрдээх дьахталлар, сылайарбыт, киэптэтэрбит.
1985 сылтан биэнсийэҕэ баран олоробун. Үлэ, тыыл бэтэрээнэбин, «1941-1945 сс.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин», Кыайыы 60, 65, 70,
75 сс. мэтээллэрдээхпин, Баатаҕай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕобун.
2009 с., атырдьах ыйын 1 күнэ
Тарская Мария Егоровна
Мин Уус Алдан оройуонун Баатаҕай нэһилиэгэр 1939 сыл-
лаахха муус устар 23 күнүгэр төрөөбүтүм. Сэрии кэнниттэн 1950
сыллаахха Чараҥай 7 кылаастаах оскуолатыгар ньолобуой кы-
лааска үөрэнэ киирбитим. Ол саҕана олох наһаа ыарахана. Ас-
таҥас кэмчи бөҕө этэ. Ол иһин оскуолаҕа хойутаан киирбитим.
Миигин тас интэринээккэ ылбыттара. Онно уопсай дьиэҕэ оло-
рон үөрэммитим. 11-12-13 саастаахпар оскуола кэнниттэн са-
йыҥҥы бириэмэҕэ ыам ыйыттан саҕалаан бааһыналарга сиэмэ
бурдук ыһаары оҕуһунан сир хоруттарар этибит. Онно мин оҕус
сиэтээччинэн үлэлээбитим. Сайыҥҥы каникулбутугар күһүн
хойукка диэри окко үлэлээбитим, бугул түгэҕэ харбааһыҥҥа,
оту мунньарга. Ат мунньарынан субуу бэлэмнээһинигэр үлэ-
лиир этибит, сайын оппут былаанын толорор буоларбыт. Күһүн атырдьах ыйыттан
бурдук быһыытыгар сиэмэ түүтэҕин баайар этибит. Биһигини кытта ыанньыксыттар
күнүскү ыамнарын быыһыгар үлэлэһэр этилэр.
Оччотооҕуга ат косилкатынан бурдугу быстараллар этэ. Мин күҥҥэ 700-800 түүтэҕи
баайарым. Атынан син түргэнник быһан эргийэн кэлэллэригэр нэһиилэ түүтэхпин
таһаарар этибит. Сайын сайылыкка дьоммутугар ыанньыксыттарга көмөлөһөрбүт.
Ньирэйдэри ыам аайы алааска аһата үүрэн киллэрэрбит, таһаарарбыт. Киэһэ ынахтар
кэлиэхтэрин иннинэ хомуйан аҕаларбыт. Сайын киэһээҥҥи ыам кэнниттэн оҕолор
мустан лапталаан уонна сасыһа оонньуурбут. Оччотооҕу оҕолор наһаа эйэлээх этибит.
Сэрии кэнниттэн үлэбит-хамнаспыт итинник.
Чараҥай оскуолатын, уу куһаҕанынан сибээстээн, 1959 сыллаахха Баатаҕайга көһөр-
бүттэрэ. 7 кылааһы бүтэрэн баран, холкуоска ыанньыксыттыы барбытым. Икки сыл
курдук 14 ынаҕы ыыр этим, онтон 8 кылааһы аһаары төттөрү оҕо ахсаана тиийбэ-
тинэн аҕалбыттара. 8 кылааһы бүтэрэн баран, эмиэ ыанньыксыттыы сылдьыбытым.
Онтон 1962 сыллаахха кэргэн баран куоракка билиҥҥэ диэри олоробун. Үлэлээммин
биэнсийэҕэ тахсыбытым. Үлэ бэтэрээнэбин. 3 оҕолоохпун, 5 сиэннээхпин, 4 хос сиэн-
нээхпин. 2019 сылга сэрии оҕотун статуһун ылбытым, «Дети войны» мэтээллээхпин.
Кулун тутар 6 күнэ, 2020 с.,
Дьокуускай к.
23

