Page 21 - Сэрии сылын о5олоро - Дүпсүн оскуолатыгар
P. 21
Аня Соловьева - Биирдэ санаан көрдөххө 50-60 сыллар анараа өттө сүрдээх
өрдөөҥү кэм курдук эрээри, ханна эрэ өйгө-сүрэххэ иҥэн хаалар умнуллубат
түгэнэ бэҕэһээнҥи курдук көстөн-тиллэн кэлэр уратылаах буолар эбит...
Дабаадымаҕа 1951 сыллаахха су1улаан дьиэҕэ санага суох киинэни аҕалан •
көрдөрбүттэрэ. Сугулаан кулууп курдук сценалаах, саалалаах этэ, улахаттар
ыскамыайкаларга олорбуттара, кыралар муостаҕа кэчигирэһэн олордубут.
Иннинээҕи исгиэнэҕэ маҥан таҥаһы ыйаабыттар, саала кэннигэр туруоруллубут
хара дьааһыгы сэппэрээтэр курдук эрийбиттэригэр, маҥан таҥаска дьон
тыыннаах курдук хааман-сиимэн бардылар, дьон бары сөҕүү бөҕөлөр. Аны туран
аттаах дьон көһүннүлэр, иннилэригэр биир киһи атынан көтүтэн иһэрин көрөн,
биир оҕо сарылыы түстэ: «Биһигини атынан тэбистэрээри гыннылар» — диэн. Ол
саҥаны иһиттибит да сиргэ олорор кыракый оҕолор куттанан дьоннор атахтарын
быыһынан «куотан» ыскамыайкачар анныларыгар симилиннибит, дьоммут
айманар саҥалара иһиллэр: «Хайа бу оҕолор туох буоллулар» — диэн. Итинник
айманан бастакы киинэбитин көрдөхпүт дии...
1952 с. сайын Дабаадыматтан Дүөндүгэ көһөн киирдибит. Таҥара дьиэтэ
кулууп буолан турара. Ийэм барахсан онно остуораһынан үлэҕэ киирдэ. Танара
дьиэтигэр хаптаһынынан быыһаммыт хоско олорбуппут. Таҥара дьиэтин
тэлгэһэтэ киэҥ баҕайы, күп-күөх хонуулаах, түөрт мас бүтэй күрүөлээх. Арай
биир күн тахсан соҕотоҕун ыскакалкалыы сырыттым, кэннибэр туох эрэ
«бирилиир» тыас иһилиннэ. Кэннибин хайыһан көрбүтүм доҕоор, арай наһаа
улахан туох эрэ «көтөрө» үрдүбэр гүһээри гыммыт курдук бу көтөн сарайан иһэр
(хаххан, мэкчиргэ киһи төбөтүгэр түһэр диэни истэр этим). Мин «сиэри гынна»
дии санаан сүүрүөхчэ буолан иһэн, туохтан эрэ иҥнэн охтон түстүм, сүрэҕим
айахпынан тахсаары бип-битигирэс, онтон өйдөөн-дьүүллээн истибитим, били
«бирилиир» тыаһым тыаһа ырааппыт, төбөбүн өгщөтөн көрбүтүм били
«көтөрүм» Тэкэрээттэ диэки көтө турда. Онтукам «көтөр» буолбатах дьарапалаан
эбит. Дьарапалаан туһунан хаһан истибитим баарай. Ол дьарапалаан
Тэкэрээттэҕэ түспүтүн Дүөндү дьоно оҕолуун-уруулуун бары чугастан көрөн
үөрүү-көтүү бөҕөлөр. Мин эрэ маппытым. Дьиэҕэ хараҕа суох Аана эбэм эрэ
баара, кини сааратан утутан кэбиспитэ.
Арай биирдэ ийэбинээн Сергей Ивановичтаахха бардыбыт. Истиэнэҕэ хара
дьүһүннээх «тэриэлкэ» курдук быһыылаах туох эрэ тэрил ыйанан турара, ол
иһигэр дьоннор саҥараллар, ырыа иһиллэр, ону истэн баран ийэбиттэн
ыйытарбын өйдүүбүн: «Ити иһигэр кыракый дьоннор бааллар дуо?» — диэн.
Онтукам араадьыйа эбит.
Төрдүс кылааһы бүтэрэн баран, сайын Чэриктэйдээҕи эдьиийбинээн
Соловьева Варялыын куоракка олорор эдьиийбэр Маайыска бардыбыт.
Эдьиийим медучилищеҕа үөрэнэ сылдьан кэргэн тахсан куоракка олорбута.
Биһигини куоракка олорор, үлэлиир түөтэ Өрүүнэ ид,тьэ барбыта. Басгаан
Бороҕонно диэри акка мэҥэстэн айаннаабыипыт. Ыһыахха киирээччи элбэх
киһи сүүрбэччэ атынан, спортсменнар таһаҕастарын тэлиэгэлээх оҕуска тиэйэн
баран, сатыы, сорохтор биир грузовой массыынаҕа олорон барбыттара.
Бороҕонтон Суоттуга диэри грузовой массыынаҕа түбэһэн батьшла-батылла
айаннаан Суогту биэрэгин буллубут. Арай наһаа-наһаа элбэх «уулаах» күөлгэ
тиийэн кэллибит, наһаа соһуйдум быһыылааҕа, түөтэбҥгтэн ыйытабын: «Бу туох
уутай?» — диэн. Онуоха Өл үөнэ өрүс уута диэн быһаарда быһыылаах, алаас оҕото
өрүһү бастакы көрүүм буоллаҕа дии.
2-с кылааһы бүгэрэрбэр Бороҕоҥҥо олорор абаҕам олоҥхоһут Арамаан
Алексеев промкомбинакка оҥотгорбут сабыс-саҥа саппыкы биэрбҥгигэр
олуһун диэн үөрбүтүм, саппыкылаах «мааны» киһи буола түстүм. Ол саас
Арамаан Ньуута диэн кыыһа тохсуска үөрэнэ сылдьан эмискэ ыалдьап
19

