Page 10 - Улуу кыайыыны уһансыбыттара Е.Д
P. 10

Готовцев  Илья Сёргеевич


                               Мин  хос  эһээм  Готовцев  Илья  Сергеевич
                             атырдьах ыйын 16 күнүгэр, 1925 сыллаахха  Уус
                             -  Алдан,  Танда бөһүөлэгэр  холкуостаах  дьиэ
                             кэргэҥҥэ  төрөөбүтэ,  улааппыта.  Фашисткай
                             Германия биһиги Ийэ Дойдубутугар түөкүннүү
                             саба  түһэр  кырыыстааах  1941  сыллаахха  15
                             саастаах уол оҕо көрсүбүтэ.Ити ыар сэрии уонна
                             уот кураан сыллара кини көлүөнэтин олоҕор ыар
                             охсууну  оҥорбута.  Эһэм  оҕо  буолан  оонньуу
                             сылдьарын өйдөөбөт. Кини эмиэ атыттар курдук
        4 кылаастан ордук үөрэхтэммэтэҕэ.
          Сэрии саҕаланыыта эдэр дьон бары өстөөҕү кытга кыргыһа сэриигэ
        барбыта.  Колхозка кырдьаҕастары кытта дьахталлар  уонна оҕолор
        хаалан, колхоз ыар үлэтин толороллоро. Оччотооҕу дьон оҕону үлэҕэ
        сыһыаран үөрэтэллэрэ, такайаллара. Ол курдук эһэм Илья Сергеевич
        оҕус сиэтээччиттэн саҕалаан, араас үлэ уустуктарыгар, ыарахаттарыгар
        барытыгар  сылдьыспыта.  Сайынын  от  охсуутугар,  кыһынын  от
        тиэйиитигэр үлэлээбитэ.
          Ол саҕана күн  кылайа тахсыыта үлэҕэр баар буолаҕын, киэһэ күн
        киирбитин  кэннэ  бүтэҕин.  Бу  сылларга  аччыктаан,  дьон  хоргуйан
        өлүүтэ тахсыталаабыта. Үлэһит улахан дьон  хоргуйан суолга охтон
        өлөллөрө,  ол  аайы  үлэһит  дьон  суох  буолан  иһэрэ,  ас  суоҕуттан
        ыалдьан тэптэрэн ололлоро.
          1943  сыллаахха  үлэҕэ  илии  тиийбэтинэн  оҕолору  мунньан  итии
        аһылык тэрийэннэр, арыый сэниэ ыланнар  сайыҥҥы араас үлэлэргэ
        барбыттара.  Биһигэ эһээбит ыарахан үлэ үгэнигэр үлэлээн, өстөөҕү
        өлөрсөргө бэйэтин үлэтинэн сүдү кылааты киллэрбитэ.
          ЭбээбитГотовцеваМария Павловнаолунньу 1 күнүгэр 1930сыллаахха
        төрөөбүт. Суотту оскуолатыгар 4 кылааһы бүтэрбит. Онтон ыла колхоз
        үлэтигэр кыттан барбыт. Сэрии сылларыгар сир тиэриитигэр үлэлэспит.
          1947  сыллаахха  Тандаҕа  көһөн  кэлэн  фермаҕа  ыанньыксытынан
        үлэлээбит. Ол үлэлии сылдьан хос эһээбинээн билсэн, бэйэ-бэйэлэрин
        сөбүлэһэн , холбоһон ыал буолбутгар. Дьиэ уоттэринэн утуу-субуу 13
        оҕоломмуттар. Эбээм «Ийэ албан аата», «Герой ийэ», «Үлэ бэтэрээнэ»
        медалларынан наҕараадаламмыта. Хосэбээм, 1995 сылга ыараханнык
        ыалдьан күн сириттэн барбыта.
          Хос  эһээм  Илья  Сергеевич  билигин  куоракка  олорор.  Мин  хос
        эһээбин олус күүскэ таптыыбын уонна кининэн киэн туттабын!
                           Ахтыыны суруйда хос сиэнэ Уметалиев Артур.
   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15