Page 8 - Улуу кыайыыны уһансыбыттара Е.Д
P. 8
Ховров Иван Иванович
Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Ховров
Иван Иванович - 11, 1930 сыллаахха Курбуһах
нэһилиэгэр «Нүөкүну» колхозка Ховров Иван
Иванович - 1, Копырина Прасковья Панифатьевна
дьиэ кэргэттэригэр үһүс оҕонон төрөөбүтэ.
Оонньооботох оҕо сааһа сэрии ыар сылларыгар
күүрээннээх үлэни кытта хатыһан, аас-туор олох
аргыстанан, күндүтүк саныыр Моххо уонна Ньүөкүнү
үрэхтэригэр ааспыта. Оччотооҕу олох тутулун
сиэринэн комсомол путевкатынан төрөөбүт
колхоһугар үлэлии тахсыаҕыттан 1969 сыллаахха диэри дойдутугар Курбуһахха
араас үлэҕэ сылдьыбыта. Ол иһигэр 1956 сыллаахтан 1958 сыллырга диэри Уус-
Күөлүгэр киномоториһынан библиотека сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1963 сылтан
1969 сылга диэри Окоемовка бөһүөлэгэр радиоузелы үлэлэппитэ. Олоҕун
аргыһынаан Гоголева Т.Г. 1959 сыллаахха олохторун холбоон алаһа дьиэни
тэринэн
6 оҕоломмуттара. Бу сылларга бөһүөлэктээһин саҕаланыытыгар олох тутула
уларыйыытыгар Иван Иванович уонна Тамара Г аврильевна улахан үлэни ыыппыт,
ыччаты, нэһилиэнньэни түмпүт ыччаттарынан биллэллэр. Иван Иванович
радиоузелы үлэлэтэн Тамара Гаврильевналыын киэһэ сарсыарда биллэрии этэн,
үлэ түмүгүн, сонуннары кэпсээн бөһүөлэк үлэтэ-хамнаһа тупсарыгар, сайдарыгар
күүс-көмө буолбуттара. Бу сылларга Тамара Гаврильевна бпблиотекарынан
үлэлээбитэ уонна кулуупка сэбиэдиссэйдиирэ. Иван Иванович музыканынан,
оформителинэн сылдьара, барытыгар тэҥҥэ көмөлөһөрө. Кинилэр нэһилиэнньэ
ортотугар культурнай-сырдатар үлэни күүскэ ыыппыттара. Уус-уран
самодеятельность активнай кыттыылаахтара, үгүс гастролларга сылдьтыбыттара,
фестивалларга курбуһах нэһилиэгин чиэһин элбэхтэ көмүскээбиттэрэ. Онон
олорбут, үлэлээбит сылларыгар Курбуһах нэһилиэгин сайдыытыгар бэйэлэрин
сэмэй кылааттарын киллэрбиттэрэ.
1969 сыллаахха кэргэнэ өлөн бэйэтэ ыарыһах киһи 6 сылы сыллатааҕы кыра
оҕолордоох тулаайах хаалбыта. Онтон 1970 сыллаахха Майаҕас бөһүөлэгэр
эдьиийин аахха көһөн кэлэн 1970 сылтан 1976 сылга диэри олохтоох детсадка
музыканынан, дворнигынан үлэлиир. 1976 сылтан 1986 сылга диэри сибээс
Майаҕастааҕы отделениетыгар почтальоннаабыта. Уон сыл устата бу үлэтигэр
эҥкилэ суох үлэлээн квартал, сыл, пятилетка, араас куоталаһыылар түмүктэринэн
элбэхтэ бочуотунай грамоталарынан, дипломнарынан наҕараадаланара. 1982
сыллаахха социалистическай куоталаһыы түмүгүнэн «Оройуон бастыҥ
почтальона» үрдүк ааты ылары ситиспитэ. Ол курдук улахан кыыһа Танята
иистэнньэҥ, асчыт бэрдэ, Толята уһанар идэлээх, Мишата музыкант-баянист,
Валятасабынан бэртээхэйдикбаайар идэлээх, эмиэасчыт, Ванятауруһуйдьут, кыра

