Page 4 - Улуу кыайыыны уһансыбыттара Е.Д
P. 4
Афанасий Васильевич Ушницкай
Мин хос эһэм Афанасий Васильевич Ушницкай 1926с. Өнөр
нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини сэрии кыттыылааҕа. 1944 сыллаахха
18 сааһын туолаат даҕаны фроҥҥа ыҥырыллыбыта. Ити сыл бэс
ыйын 16 күнүгэр Нам оройуонун военкоматыттан бэбиэскэ тутан
төрөөбүт дойдутуттан тэлэһийбитэ.
Ол тиийэн Гоби кумах куйаарын уҥуордаан, Хинган хайатыгар
тиийэн Японияны утары сэриигэ кыттыбыта. Элбэх хаан тохтуулаах,
кырыктаах кыргыһыыга көрдөрбүт эр санаатын иһин “Хорсунун
иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 1947 с. ытык иэһин төлөөн
кэлэригэр кини түөһүн өссө “Японияны кыайыы иһин”, “Бойобуой
үтүөлэрин иһин” мэтээллэр киэргэтэллэрэ. Дойдутугар кэлэн өр
сылларга олохтоох сэбиэккэ сэкирэтээринэн, эргиэн тэрилтэтигэр
атыылааччынан үлэлээбитэ. Сэбиэккэ үтүө суобастаах үлэтин
иһин дьоно-сэргэтэ Сэкирэтээр Хонооһой диэн таптал ааты
иҥэрбиттэрэ. Кини 1979 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ. Мин хос эһэм
Афанасий Васильевич Ушницкай үлэлээбит үлэтинэн, олорбут
олоҕунан, Улуу кыайыыны аҕалсыбытынан киэн туттабын.
Суруйда хос сиэнэ Виолетта Омукчанова.

