Page 12 - Умнуллубат ол сыллар.. 2012 М.А
P. 12
Ким да умнуллубат,
ду сэриитэ саҕаламмыта. Бу сыл бастакы хомуурга Хатгыгытган
уонтан тахса киһи аармыйаҕа барбыта. Элбэх киһибит бастакы
сэриигэ өлбүгтэрэ. Холобур, биир дьиэ кэргэнтэн иккилии ки-
һи төннүбэтэхтэрэ: Тарскай Дмитрий Николаевич бииргэ тө-
рөөбүтэ Тарскай Василий Николаевичтыын, Стрекаловскай
Иннокентий Василъевич убайа Алексейдыын.
Мин ити курдук хонуу, сүөһү үлэтигэр 1952 сыллаахха диэри
тохтоло суох үлэлээбитим. 1952 сыллаахха Громов Николай
Гаврильевичка кэргэн тахсан, Кылаайьҥа көһөн кэлбитим. Ки-
нилиин 40 сыл бииргэ олорбуппут.
Тоҕус оҕолоох этибит, үс уолум оһолго өлбүттэрэ. Билигин
алта оҕом баар — үс уол, үс кыыс. Улахан уолум фермаҕа, аччы-
гый уолум — бэкээринэҕэ үлэлиир, биир уолум Кэптэнигэ оло-
рор. Кыыһым Маша икки оҕо ийэтэ, биир кыыһым учуутал —
Өнөргө үлэлиир, кыра кыыс Абыйга кэргэн тахсан олорор, үс
оҕолоох.
Мин бэйэм сааһым да ыраатга. Дьиэ иһигэр эрэ тура сылдьа-
бын, доруобуйа үчүгэйэ суох. Үөрэх диэни отой үөрэммэтэҕим,
халлаантан буукубаны билэн, бу суруйан адаарыта олоробун.
Кинигэни, хаһыаты ааҕабын, онон аралдьыйабын, тэлэбиисэ-
ри көрө сатыыбын. Күнүс сиэннэрбин харабыллыыбын, онон
күнү бүтэрэбин.
2004 с.
Протопопова Мария Николаевна
Мин Уус-Алдан улууһун Курбуһах нэһилиэгэр «Уоһук эбэ-
тэ» диэн сиргэ ыам ыйын 14 күнүгэр 1927 сыллаахха төрөөбү-
түм. Аҕам Н.Е. Протопопов Бахсы тангаратын дьиэтигэр тэрэ-
пиэһинньигинэн үлэлээбитэ, кэлин, советскай былаас кэми-
гэр, наар сылгыһытынан сылдьыбыта. Ийэм Наталья Макси-
мовна, миигин оҕолонон баран, ыалдьан өлбүтэ. Ийэ диэни
олох өйдөөбөт, билбэтэх киһибин. Тулаайах буолан, аҕам ай-
махтарьҥар, эдьиийдэрбэркөрүллэн сылдьыбытым. Оскуолаҕа
үөрэниэхпин наһаа баҕарар этим да, кыайан тэрийэн үөрэттэр-
бэккэ, маҥнайгы эрэ кылааһы бүтэрбитим.
1941 сыллаахха сэрии саҕаламмытьҥар 13-14 саастаах кыыс
этим. Эр дьон сэриигэ баран, ол кэмтэн ыла наар турук үлэ үөһү-
10

