Page 14 - Умнуллубат ол сыллар.. 2012 М.А
P. 14

Ким да умнуллубат,

            «Үлэ  ветерана»,  «1941-1945  с.с.  килбиэннээх  үлэтин  иһин»
         уонна  элбэх  юбилейнай  медалларьшан,  грамоталарынан,  мах-
         тал суруктарынан наҕараадаламмытым.
                                                           06.02.2004 с.

           Афанасьева Варвара Степановна

            Мин  1927  сыллаахха  Уус-Алдан  улуу-
         һун  Т  үүлээх  нэһилиэгэр  төрөөбүтүм.  Аҕам
         Степан  Нилович,  ийэм  Февронья  Яков-
         левнадиэн  этилэр.  Биһиги  бииргэтөрөө-
         бүт  төрдүө  этибит,  онтон  икки  уол  кыра
         эрдэхтэринэ  өлбүттэрэ.  Онон,  эдьиийим
         Варваралыын  иккиэ  хаалбыппыт.  Онтон
         дьонум  биир  ыйдаах  уол  оҕону  иитэ  ыл-
         быттара.      Төрөпггүттэрбитсүрдээхүлэһит,
         былыргы  олоххо  бэйэлэрин  сөпкө  иитти-
         нэр,  сүөһүлээх-астаахэтилэр.  Аҕабыт  мин
         алта  саастаахпар  өлбүтэ.  Онон  үһүөн  ийэбитигэр  иитиллибип-
         пит.  Кини  мөхпөт-эппэт,  сүрдээххолкумайгылааҕа.  Наарүлэ-
         хамнас  туһунан  кэпсиирэ.  Кыайар  үлэбитигэр  тэҥҥэ  сыры-
         тыннарар  этэ.  Убайым  Афанасьев  Степан  Степанович  сэрии
         ветерана  этэ.  Колхозка,  совхозка  отуттан  тахса  сьш  биригэдьии-
         ринэн  үлэлээбитэ.  1942  сыллаахха  сэриигэ  барбыта.  Онтон
         араанньа  буолан  кэлбитэ.  Партиялаах  этэ.  Эдьиийим  кэргэн-
         нэнэн, эрдэ туһунан олорбута.
            Мин  1936  сыллаахха  Түүлээх  оскуолатыгар  үөрэнэ  киир-
         битим. 1943 сыллаахха 7 кылааһы бүтэрбитим.
            Сэрии   кэмигэр   сүрдээх   эрэйдээх   олоххо   улааппыппыт.
         Үөрэнэ  сылдьан,  уруок  кэнниттэн  оскуолабыт  маһын  тыаҕа
         тахсан  эрбиирбит.  Таҥаспыт-саппытдэлби  сытыйан,  аччьпс-
         таан  ахан  дьиэбитигэр  тиийэрбит.  Сэрии,  сут  буолан,  ас-таҥас
         суох  этэ.  Директорбыт  Васильев  Фёдор  Иванович  дьаһаллаах,
         кыһамнььшаах  киһи  буолан,  күнүс  биирдэ  итии  аһылык  тэри-
         йэн, оҕолору аччыктааһынтан, өлөртөн быыһаабыта.
            Дьиэбитигэр  туох  да  аспыт  суох,  сылбаххай,  туга  да  биллибэт
         уп-убаҕас  хааһы  сыыһын  сиирбит.  Ол  да  сороҕор  суох  буолар
         этэ.  Кыайар-хотор  дьоммут  бары  сэриигэ  бараннар,  туох  баар
         ыарахан үлэ барыта кырдьаҕаска, оҕоҕо, дьахтарга хаалбыта.
                                       12
   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19