Page 26 - Афанасий Алексеев Ытык иэс
P. 26

28.  Попов  Василнй  Кононович  1909  сыллаахха  Чэриктэй  нэһи-
         лиэгэр  төрөөбүтэ.  Уҥуаҕунан  кыра,  ортоку  сырдык  хааннаах,  төгү-
          рүктүҥү  сирэйдээх,  бэйэтигэр  сөп  толору  эттээх-сииннээх.  Ликбезкэ
          Чэрикгэйгэ  үөрэммитэ.  Кэргэннэнэн  баран,  Түүлээх  нэһилиэгэр  1934
          сылтан  олохсуйбута.  Хонууга  үлэлээбитэ.  «Кыһыл  Союзка»  колхоз-
          ка  нредседателлээбитэ.  Сельсовет  председателэ.  Салайар  дьоҕурдаа-
         ҕа,  дьоҥҥо  тылын  ылыннарара.  Оҕолорун  үөрэҕэр  олус  кыһанара.
         Атын  да  оҕолоро  үөрэнэллэригэр  төһө  кыалларынан  көмөнөн  хаач-
         чыйа   сатыыра,   Киэҥник,   кэскиллээхтик  былааннанан  үлэлиирэ.
          Икки  дьаамы   (Дьааҥы  дьаамын)   сүүрдэн.  хайа  да  колхозтартан
         кини  салайар   колхоһа  харчылааҕа.   Т'х  специалистарын  үөрэтэр
         аналлаах  оскуолаҕа  үөрэнэ  сылдьан,  1941  сыллаахха  атырдьах  ыйы-
         гар  Дьокуускай  куораттан  армияҕа  барбьгга.  Дьиэтигэр  тахса  с.ыл-
         дьарын  көҥүллээбэтэхтэрэ.  Армияҕа  барарыгар  кэргэнэ  Попова  Мар-
         фа  Сидоровна  Варя,  Конон,  Проня  диэн  үс  оҕолорунуун  хаалбыта.
         38-с  сд.,  115-с  сп.  рядовойа.   Сталинград  куораты  көмүскээччилэр
         кэккэлэригэр  сылдьыбыта.  1942  сыллаахха  балаҕан  ыйын  30  күнү-
         гэр  сэриигэ  өлбүтэ  уонна  Мамаев  курган  117,4  үрдэлигэр  Көмүл-
         лүбүтэ.
              29.  Сивцев  Дмитрий  Николаевич  1908  сыллаахха  «Танда  төр-
         дүгэр»  «Кыһыл  Союзка»  Түүлээх  нэһилиэгэр  төрөөбүтэ.  Орто  уҥуох-
         таах,  хатыҥыр,  ортоку  сырдык  хааннаах,  кэтит  сүүстээх,  суптугур
         сэҥийэлээх,  хаҥас  хараҕа  суох,  уҥуох  сирэйдээх  киһи  этэ.  Усть-
         Мильгэ   окко,  Дьокуускай—Томмот—Алдан  суолун  оҥоһуутугар
         сылдьыбыта.  Хонууга  үлэлээбитэ.  Кэргэннэммэтэҕэ.  1943  сыллаахха
         армияҕа   Кэбээйи   оройуонуттан  Сиэгэн  Күөлтэн  ыҥырыллыбыта.
         Званиета —  рядовой.  Стройбакка  сылдьан  ыалдьан  өлбүтэ.   Ханна
         сылдьыбыта,  өлбүтэ  биллибэт.
             30.  Сивцев  Петр  Иванович  1911  сыллаахха  Дьэлигэ  Чэриктэй
         нэһилиэгэр  төрөөбүтэ.  Түүлээх  нэһилиэгэр  олохсуйбута.  Орто  уҥуох-
         таах,  сырдык  хааннаах,  төгүрүк  сирэйдээх,  хатыҥыр  киһи  этэ.  Сым-
         наҕас,  холку  майгылааҕа.  Саҥатын  киһи  истибэт  аһара  кыра  саҥа-
         лааҕа.  Сүрэхтээх  үлэһит.  Сүгэни,  хотууру  туттун  да,  арахпакка  үлэ-
                                       24
   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31