Page 31 - Афанасий Алексеев Ытык иэс
P. 31
39. Стрекаловскай Иннокентий Спиридонович 1917 сыллаахха
«Багаҕаннаахха» Хаттыгыга Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Түөрт
кылаас үөрэхтээх. Орто улахан киһи. Ыраас хааннаах, уһун синньи-
гэс хаптаҕай сирэйдээх киһи. Кладовщиктаабыта, хонууга үлэлээ-
битэ. Кэргэннэммитэ да оҕоломмэтохторо. 1941 сыллаахха атырдьах
ыйын 15 күнүгэр Чурапчы военкоматынан ыҥырыллан, «Хапча-
хаантан» Хаттыгыттан армияҕа барбыта. Званиета — рядовой. Сэ-
риигэ сураҕа суох сүппүтэ.
40. Стрекаловскай Никита Васильевич 1914 сыллаахха «Ойбон
күөлгэ» Хаттыгыга Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Уҥуоҕунан кыра,
хатыҥыр, хара киһи. Комсомоллаах. Бэсиһи бүтэрбитэ. Танда оскуо-
29

