Page 17 - Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер. Иван Жирков
P. 17
хорсун быһыынан сыаналаныан сөп. Ийэм син балачча уһуннук
олорон, 83 сааһыгар, бу орто дойдуттан барбыта.
Аҕам Михаил Васильевич 7 кылаас үөрэхтээх этэ. 1941 сыллаахха
сэриигэ бастакы хомууругар баран, аатырбыт Курскай тоҕой кыр-
гыһыытыгар кьтттан, «Албан аат» III истиэпэннээх уордьанынан
наҕараадаламмыта. Илиитигэр уонна атаҕар бааһыран, дойдутугар
1943 сыллаахха эргиллибитэ. Кэлэн баран Бээрийэ нэһилиэгин сэ-
биэтин бэрэссэдээтэлинэн, кэлин Дүпсүҥҥэ почта начальнигынан
үлэлии олорон, ыалдьан өлбүтэ.
Аҕам ийэбинээн түөрт оҕоломмуттара: Михаил, Мария, Иван,
Василий. Мин улахан дьон үлэтигэр эрдэттэн эриллэн үлэлээбит
буолан, бырааттарбыттан күүс-уох өттүнэн таһыччы этим. Ол кур-
дук киэһээ аһылык кэнниттэн дьиэ таһыгар хонууга бырааттарым
Рома, Дьөгүөр, Сэргэй, Хабырыыс, Дарыбыан буоланнар, миигин
КӨМӨЛӨӨН охторо сатыыллар этэ да, кыайбаттар этэ. Кэлин, улаа-
тыыбытыгар саамай кыралара, хатыҥырдара мин буолбутум. Мин 7
сааспын туолар дьылбар, Бээрийэ алын сүһүөх оскуолатыгар нуле
вой кылааска үөрэнэ киирбитим, интэринээккэ олорон үөрэммитим.
Сэрии кэнниттэн тутатынааҕы сыллар буолан, тиийиммэт-түгэммэт
буолуу, салҕанан бара турар кэмэ этэ. Интэринээппит аһа диэн, күн
аайы бэриллэр саһархайдыҥы дьүһүннээх овсянка хааһы буолара,
хайдах эрэ хос амтаннаах, кэнникинэн киһи төттөрү өҕүйэ сылдьар
буолан хаалар аһа этэ.
Киэһэтин таһырдьа хаарга халыып оҥорон, онно кутуллубут
аһыйбыт суораты тоҥорон (тары) эбии аһылык быһыытынан остуол-
га киллэрэн тоҥнуу олордон кэбиһэллэрин, тула олорон биилкэнэн,
быһаҕынан тооротон сиирбитин өйдүүбүн.
Оччотооҕу оҕо аймах саамай минньигэс аспыт саахар буолара.
Биир эмэ күн саахар сиэтэн үөрдэллэрэ. Аһыыр остолобуойбут,
икки уһун остуол нэһиилэ турар синньигэс саала курдукка баара.
Түгэххэ, бастыҥа өртүгэр улахан оҕолор олорон аһыыллара. Онон
кинилэр урут киирбиттэрин эрэ КЭННЭ, ЭН ДЬЭ, МИЭСТЭҔИН булу-
нарыи. Аны туран, туус саахары улахан остолобуой ньуосканан
олорор сирин туһунан, остуолга киһи ахсын биирдии ньуосканы
куталлара. Улахан уолаттар ааһан иһэн, эн саахаргын тылларынан
салаан ыла-ыла ааһаллар, инньэ гынан эн хаһан кэтэһэн миэстэҕин
булуоххар диэри, бэрт дуона суох хаалара, кыһыйбытын иһин ха-
йыаххыный, күүскүнэн кыайтарарьщ сыттаҕа. Кыһыыгыттан ха-
раҕьщ уута ыгыллан кэлэрэ.

