Page 285 - Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер. Иван Жирков
P. 285

оҕо  состоруулаах  тиийэрим  буол-
                                         лар, эмиэ да син этэ, ону буоллаҕы-
                                         на,  куруутун  үстэн  итэҕэһэ  суох
                                         оҕолордоох  хас  да хонукка түһэн,
                                         ас  арааһын,  минньигэһин  аһаан,
                                         сымнаҕас  ороҥҥо  утуйан,  ийэли-
                                         и-аҕалыы  көрүллэн,  өссө  кэһи-
                                         илээх  дьиэбитигэр  төннөөччүбүт.
                                         Таайбыт  оскуолаҕа  үлэлиир  буо-
                                         лан, сарсыарда эрдэ үлэлии барара,
                                         киэһээ хойут кэлэрэ, ол да буоллар,
          киэһээ аһылыкка барыбытын түмэн, бүгүҥҥү күн хайдах ааспытын
          ыалдьыттарыттан саҕалаан, бэйэтин дьиэ  кэргэнигэр тиийэ ыйыта-
          лаһан, түмүгэр барыбытыгар сүбэ-ама биэрэн, сорох сорохторго са-
          наабытын көтөҕөн, сарсыҥҥы күҥҥэ эмиэ бигэ эрэллээх, ким күрэх-
          тэһэ, ким үлэлии, ким үөрэнэ барарга бэлэм буолааччыбыт.
             Кэлин таайым сааһыран олорон, уһанарын наһаа сөбүлүүр буол-
          бут этэ. Бастакы оҕом төрөөбүтүгэр кыра олоппос оҥорон биэрбитэ,
          билигин да туһалыы сылдьар, ол да кэннэ атын оҥорбут оҥоһуктара
          бааллар.  Дойдубар кэлэр дьону  куруутун бастакынан  көрсөр ыска-
          мыайкалаахпыт,  мае  күөрчэхтээхпит  уонна  бу  саас,  дьоммор  таа­
          йым бэйэтэ оҥорбут саахыматтыыр остуолун уонна саахыматтарын
          бэлэхтээбитэ.  Ону  саахыматтыы  кэлбит  ыалдьыттар  кэлэн  көрөн,
          сөҕөн-махтайан бараллар.
             Ити курдук, таайым Иван Михайлович куруук барыбыт туһугар
          кыһаллар, түмэ тардар киһибит этэ.  Бу күн сириттэн барбыта наһаа
          хомолтолоох, куруутун өйдүү-саныы, ахта сылдьыахпыт.


                                             Лена Михайловна ВАСИЛЬЕВА,
                                              балта, РБ2 методист-бырааһа,
                                      СР доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна.
                                                               Дьокуускай.
   280   281   282   283   284   285   286   287   288   289   290