Page 288 - Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер. Иван Жирков
P. 288

Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер
                    Быраатым туһунан ахтыы

           Биһиги кыра оҕо эрдэхпитинээҕи сылларбыт сэ-
        рии сылларыгар түбэһэн хаалан, олохпут олус кы-
        таанаҕа. Дьиэ-уот, ас-үөл, таҥас-сап барыта «тиий-
        бэт  тирии,  тарпат  тараһа»  курдук  мөлтөҕө.  Биир
        дьиэҕэ биэс-алта ыал дьукаах олороллоро. Кыһым-
        мыт  олус  уһун,  тымныы  буолара,  таһырдьа  кыл-
        гас да кэмҥэ ойон таҕыстаххьтна кулгааҕыҥ «тыс»
        гынан  хаалара.  Ол  гынан  баран  дойдубут  барах-
        сан сандал сааһа, самаан сайына олус үтүө кэмнэр
        этилэр.  Араас  өҥнөөх  сибэккинэн  симэммит  мүөттээх  салгыннаах
        алаас,  сьтһыы  иһэ  көмүс  куоластаах  күөрэгэй  ырыатынан  туолара.
        Кэҕэ этэн чоргуйара истэргэ кэрэ даҕаны этэ -   биир кэҕэ этэн бүт-
        тэҕинэ, иккис кэрэ бэлэс куоталаһар курдук салҕыыра. Ол сылларга
        хара тыабытыгар кьтыл-сүөл, эбэлэрбитигэр кус-хаас наһаа элбэҕэ.
           Мин  кыра  да  сааспар  уонна
        эдэр  сылдьан  олохтоох  салайа-
        аччылары  ымпыктаан-чымпык-
        таан  кэтээн  көрөрүм.  Бары даҕа-
        ны  олус  дуоспуруннаах,  киэҥ
        билиилээх-көрүүлээх, үлэҕэ-хам-
        наска    ирдэбиллээх,    үлэһит
        дьоҥҥо  үтүө  сыһыаннаах,  тэри-
        йэр  дьоҕурдаах,  сатаан  салайар
        дьон этэ диэн өйдөбүл хаалбыт.
           1960   сыл   саҕаланыытыгар
        Уус  Алдаҥҥа  райком  бастакы
        сэкирэтээринэн,    бу    иннинэ
        өрөспүүбүлүкэ  комсомолун  об-
        комун  бастакы  сэкиритээринэн
        үлэлээбит,  Уус  Майаттан  төрүт-
        тээх   Николай    Владимирович
        Атласов  быыбарданан  үлэлээ-
                                             Үс бииргэ торөөбүттэр.
        битэ.  Наһаа  сайдыылаах,  били-
                                                Бороҕон,  2018 сыл.
        илээх-көрүүлээх,  үрдүк  таһым-
        наах  култууралаах  киһи  этэ.
        Кини  оройуон  хайа  да  нэһилиэгэр  тиийбитэ  барыта  сонун  буолан,
   283   284   285   286   287   288   289   290   291   292   293