Page 301 - Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер. Иван Жирков
P. 301

буолан,  үөрбүтүм
                                                        да этэ...
                                                           Убайбыт  Вася
                                                         сүрдээх сымса этэ.
                                                         Кинилиин  эккирэ-
                                                         тиһэ    оонньуур-
                                                         бутун   өйдүүбүн.
                                                         Биирдэ      үрдүк
                             1998 сыл                   баҕайьт  саҥа  ам-
                                                         паарбыт  үрдүттэн
          ыстанан түһэн, харахпар олох дьоруой  курдук көстүбүтэ...  Ол  оло-
          рон, арай биирдэ сөтүөлүү сырыттахпытына, эдьиийдэрим Улялаах
          Люба  эмиэ  сөтүөлүү  кэллилэр.  Арай  көрбүтүм -  Уля  наһаа  үчүгэй
          араҥас өҥнөөх козыректаах эбит. Ону ыйыталаспыппар, хантан эрэ
          ыраахтан  Мэхээстээх  Ваня  диэн  уоллара  кэлбитин  уонна  оҕолорго
          барыларыгар  кэһии  үллэрбитин  кэпсээтилэр.  Миигин  эмиэ:  «Дьи-
          эҕэр  бар,  эйиэхэ  эмиэ  кэһии  аҕалбыта  буолуо»,  -   диэтилэр.  Мин
          муҥ  кыраайбынан  дьиэбэр  ыстанным,  эдьиийдэрим  эмиэ  кэнни-
          биттэн сүүрэн кэллилэр. Убайбыт Ваня ампаарга кинигэ ааҕа сытар
          эбит.  Онно миигин эдьиийдэрим  киниэхэ үтэйдилэр:  «Бу балтыбыт
          Нюшка сөтүөлээн кэллэ», -   диэтилэр.  Билигин өйдүүбүн: убайбыт,
          устудьуон  киһи,  хас  оҕону  ааҕан  кэһии  ылар  кыаҕа  суоҕун  уонна
          кэһии эрэйбит оҕолорго бэйэтин малый  бэлэхтээбигин.  Ол  козыре-
          гун, араас спортивнай значоктарын...
             Ваня барыбытын ыҥыран  ылан оронун тула олордон, остуоруйа
          бөҕө кэпсээбитэ. Оннук хас күн аайы саҥаттан -  саҥа остуоруйала-
          ры кэпсиирэ.  Киэһээтин барыбытын мунньан,  араас хамсаныылаах
          оонньуулары оонньотоллоро. Онно биһиги убайбыт Коля Ванялыын
          арахсан  икки  хамаанда  тэрийэн,  олус  да  көхтөөхтүк  оонньуурбут.
          Ваня сотору барбыта, кини оннугар Мэхээстээх улахан уоллара Ми­
          хаил кэлэн барбыта.  Биһиги аны  киниэхэ иилистэн остуоруйа, хам­
          саныылаах оонньуу көрдөөн арахпакка барбыппыт. Михаил сүрдээх
          эйэҕэс эрээри, дуоспуруннаах, олох улахан киһи курдуга, биһигин-
          ниин  оонньооботоҕо  даҕаны,  остуоруйа  да  кэпсээбэтэҕэ.  «Ваня
          наһаа элбэх остуоруйаны билэр этэ», -  диэбиппитигэр, хата, күлэ-о-
          онньуу:  «Сымыйанан  кэпсиир  буоллаҕа  дии»,  -   диэбитэ.  Кэлин
          Ваня кэпсээбит Чаачахаанын, Туйаарыма Куотун бэйэм ааҕан баран:
          «Олох да сымыйанан кэпсээбэтэх», -  диэн испэр убайбын көмүскэһэ
          санаабытым.
   296   297   298   299   300   301   302   303   304   305   306