Page 49 - Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер. Иван Жирков
P. 49

Сыттык сыҥаһа ыалбыт

                            Биһиги  1993  сыллаахха  арҕааттан  улахан  чаа-
                         һынай  дьиэҕэ  көһөн  кэлбиппит,  Лонгинов  уулус-
                         сатын,  138 нүөмэригэр, уруккута Константин Афа­
                         насьевич  Бурцев  (Ыалбыт  Михаил  Афанасьевич
                         бииргэ төрөөбүт убайа) дьиэтэ. Оччолорго, номнуо
                         биэс оҕолоох ыал этибит. Чааһынай дьиэ иэнэ ула­
                         хан,  бүччүм,  иһирдьэ  турар  буолан  уулусса  буо-
                         ра-сыыһа тиийэн кэлбэт этэ, оҕолорбутугар оскуола
                         чугаһьтн,  үүнээйигэ  кутарга  анаан уу  баһарга  Эбэ-
          бит эмиэ чугаһын наһаа сөбүлээбиппит. Ол иннинэ наар онно-манна
          туох көстөрүнэн олорон кэлбиппит.
             Көһөн кэлбит күммүтүгэр оннубутун сана булан, остуолбутун ту-
          руоран аһыы олордохпутуна, арай, олбуорбут ортотунан дьон аас да
          аас  буолаллар.  Ол  иһин:  «Пахай,  ким  барыта  курдат сылдьар  сирэ
          эбит  дии,  ылан  сабан  кэбиһиэххэ»,  -   диэн  сүбэлэспиппит.  Онтон
          саҥа  ыалларбытын  сэмээр  кэтээн  корон  чинчийии,  үөрэтии  буол-
          ла. Эргиччи бары биһиги оҕолорбут саастыыта оҕолордоохтор эбит.
          Улахан дьонтон Иван Михайлович Жирков  ааһар этэ,  олох сиртэн-
          буортан тэйбиттии,  чэпчэки  баҕайытык туттан кэлэрэ-барара.  Кэр-
          гэнэ Мария Никоновна эмиэ бэрт түргэнник, туохха эрэ наар ыксыы
          сылдьар  курдук  хааман  ааһааччы.  Аны  Михаиллаах  Мария  кыра
          кыыстара  Машенька  Туйаарабытынаан  эт  саастыы  эбиттэр.  Онон
          кэтээн  көрүүбүт  түмүгүнэн  «олоччу  сабан  кэбистэхпитинэ,  дьом-
          мут-сэргэбит олох ырааҕынан эргийэ барыыһыктар» диэн санаа кэл-
          лэ, ол курдук олбуор сабыллыбата.  Мин  1994 сыллаахха Мишабын
          оҕолонон, төрүүр дьиэттэн бу дьиэбитигэр таһаарбыппыт.
             Ити  кэмнэртэн  ыла  ыалларбытын  кытта  ыкса  билсэн,  бэрт эйэ-
          лээхтик  олорон  кэллибит.  Аҕа  баһылыктарбыт  Иван  Михайлович,
          Михаил  Афанасьевич  уонна  Анатолий  Николаевич  -   олохторун
          олоччу  спорка  анаабыт  дьон.  Хайдах  эрэ  үһүөн  майгы-сигили  от-
          түнэн  майгыннаһар  курдуктар:  бүччүмнэрэ,  харыстанньаҥнара,
          үлэһиттэрэ,  бэрээдэктээхтэрэ,  чиэһинэйдэрэ  уонна  чөл  олоҕу  өрө
          тутар биир кытаанах санаалаахтара.
             Иван Михайловичтаах соҕотох кыра уоллара Баанньыска, ол саҕа-
          на быһыылааҕа дуу, оскуоланы бүтэрэн үрдүк үөрэххэ барбыта. Икки
   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54