Page 50 - Сахаайа Ермолаева Тымтык күн
P. 50
29. ЭРЭММЭППИН-ЭРЭНЭБИН
Эрэммэппин —
Тылынан хайҕаан аралдьытар,
Дьыалатыгар — туора хаамар
Халбаҥ майгылаах дьону.
Эрэнэбин —
Үчүгэй да, куһаҕан да кэммэр
Уларыйбат сыһыаннаах,
Өрүү өйүү сылдьар дьоҥҥо.
Эрэммэппин —
Кимминэн: харчыбынан сыаналыыр,
Кыахпын — баайбынан барыалыыр,
Билсиибин — төһө дуоһунастаах дьонунан
Тургутан сыаналыыр дьону.
Эрэнэбин —
Үчүгэйгэ үөрэтэр,
Үйэлээххэ ыҥырар
Муударай дьоҥҥо.
Эрэммэппин —
Бары хайысханан олоххо
Бастыҥ балаһыанньаны ситиспит
Баай дьоҥҥо.
Эрэнэбин —
Сырдык идеяларга көҕүлүүр
Үрдүк духуобунастаах дьоҥҥо!
* * *
«Что человек, когда он занят только сном и едой?
Животное, не больше!»
Уильям Шекспир (1564—1616) -
английский поэт и драматур!
48

