Page 48 - Сахаайа Ермолаева Тымтык күн
P. 48
27. КЭМСИММЭППИН-КЭМСИНЭБИН
Кэмсиммэппин —
Хойутаан, отут сааспар,
Бастакы хомуурунньукпун
Бэчээттэппиттэн.
Кэмсинэбин —
Онно тахсыбыт хоһооннорбун
Өссө ситэ чочуйбатахпыттан.
Кэмсиммэппин —
Экономика институтун
Бүтэрэн бараммын
Үлэ көстүбэккэ эрэйдээбититтэн.
Кэмсинэбин —
Арай саха литературатын
Отделениетыгар үөрэммэтэхпиттэн.
Кэмсиммэппин —
Устудьуоннаабыт оҕо сааспар
Ү ҥкүүлээн-ыллаан
Үлүһүйбүт сылларбыттан.
Кэмсинэбин —
Ол эрээри, аан дойду
Классиктарын кинигэлэрин
Кэмчитик аахпыппыттан.
Кэмсиммэппин —
Билигин мин
Аҕыйахтык суруйарбыттан
Кэмсинэбин —
Көтүмэхпин ситэ аһарбаппыттан.

