Page 56 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 56
15.
Ийэбин — эргиччи күөҕүнэн долгуннуур
Сибэкки сэлэлээх Суоттуга тэҥниибин.
Аҕабын — Суола үрэх буурҕаттан хаххалыыр
Мохсоҕол уйалаах мыраана дуу диибин.
Кылбаарар кырдалтан хомуйан, санаабар,
Сибэкки ырыаны симэхтээн айабын.
Сүүнэкий сүҥ мыраан сүүһүттэн, омуммар,
Хотойук хоһоону көтүтэ сылдьабын.
Ыйдаҥа нуурала ырыалар — кыргыттар,
Хотойук хоһооннор — уолаттар курдуктар.
Түөлбэ-уус дьонноруом, ахтылҕан абыгар,
Мөссүөҥҥүт Аал-Луук-Мас салаатын санатар.
* * *
Күн-Ийэм, биһиэхэ — ууһуур күөх чараҥҥын!
Күөн-Аҕам! Удьуоргар — куйах бэс чагдаҕын!
54

