Page 57 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 57
16.
Урукку дьакыйыы уорааннаах тыыныгар
Аныгы айдаантан аргыардаах тыын ыгар.
Кырдьыктаах сымыйа кыргыһар тыалыгар
Кырыктаах холорук кыттыылаах тыал ыгар.
Хаарыаннаах көҥүлүм хапчааҥҥа хардар да,
Хараастан хаалбакка, хаһыытыым хардата:
“Халбарый, хара дьай эргэтэ-саҥата!
Хамсанан-сайдан ис, сахабыт саҥата!”
Ырайдаах санааттан үөрэбин-көтөбүн,
Кынаттаах атынан кыырайа көтөбүн.
Айааннаах айаммар хас да ый, сыл ааста,
Оо, дьолуом! Өссө сай-сырылас сылааста!
* * *
Толооҥҥо көһүннэ Дьөһөгөй күүтэрэ!
Дуораччы туойуохпун, Бириэмэ, күүт эрэ!

