Page 221 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 221

467 — Туймаарытта эбэ хотун — сир аата. “Туймаар — туохтан эмэ өйүгүн
                    сүтэрэн, ону-маны аанньа өйдөөбөт буол” диэн тылтан үөскээбит. Бу
                    түбэлтэҕэ уһуна, киэҥэ бэрдиттэн киһи туймаарар хочото эбэтэр алааһа
                    диэн суолталаах.
            469 — Саал — кырдал, томтор сир саамай үрдүүр кураанах өттө, төбөтө.
            477     — Уорук — ким эмэ олорор дьиэтэ-уота, ордуута
            499 — Тусаһа — дьиэ таһа, тиэргэн
            506 — Суц дъааһын — “Сүҥ Дьааһын — этиҥ айыыта” диэнтэн уопсай аат
                     үөскээбит.
            515 — Багррахтыы — багррах — от үрэх, сыһыы кэтирээн кэҥиир сирэ
                    диэнтэн “кэтит ойуулаах” суолтаҕа туттуллубут.
            547 — Далай — дириҥ уулаах киэҥ күөл, өрүс эбэтэр муора
            552 — Көпсө am сылгы — “көпсө — синньигэс талаҕы эрийэн оҥорбут
                    кэлгиэ” диэнтэн “кэлгиэлээх ат” суолтаҕа туттуллубут
            578  — Буулагр атыыр огус — улахан, модьу күүстээх атыыр оҕус.
            579  — Бурут — абааһы тайаҕар майгынныыр ууга, бадарааҥҥа үүнэр
                    сүлүһүннээх от үүнээйи (ынах сүөһү сиэтэҕинэ өлөр)
            619 — Арсыын — уста кээмэйэ. Туора уунуллубут хаҥас илии тарбаҕын
                    төбөтүттэн санныга диэри кээмэй, 71 см. тэҥнэһэр
            641 — Аргдна ыарыы — киһи урут туохха эмэ эмсэҕэлэммитэ ааспакка аалан
                    ыалдьыыта
            655 — Сарт туннүк — маһы үөллүү тыырбыт кэтит тымтыгынан оҥоһуллубут
                    түннүк
            681 — Уолах тиит — орто улахан тиит.
            686 — Кытыылыыр сылгы — түөрт саастаах сылгы
            700 — Кэтэгрриин орон — саха балаҕаныгар аан утарытынааҕы дьиэлээхтэр
                    утуйар оронноро
            713 — Атах орон — суол аана орон, атах-бытах дьон утуйар оронноро
            719-720 — Дуолан дъаацсаар ацаарыма атыыр огус — ууһатыыга анаан
                    иитиллэр аарыма улахан оҕус
            754 — Табытыайка — дьиэ мала
            760 — Быһычча — дьиэҕэ-уокка туттуллар кыра саха быһаҕа
            764 — Чохоо — чэй үүтүн кутарга аналлаах кыра дириҥ мае иһит
            766  — Кытыйа — аһы кутан, остуолга туруорарга аналлаах аныгы миискэҕэ
                    маарынныыр мае иһит
            767 — Көһүйэ — туойтан оҥоһуллубут сүөгэй кутар иһит
            768  — Чугуун — чугуунтан оҥоһуллубут күөс, иһит
            769  — Чабычах — талах иилээх, тутааҕа суох, киэҥ айахтаах туостан
            оҥоһуллубут лаппаҕар иһит. Үксүгэр үрүҥ аһы куталлар
   216   217   218   219   220   221   222   223   224   225   226