Page 219 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 219
ЭЛЭС БООТУР 203
ЭЛЭС БООТУР
Ж олоҥхо тылдьыта
; ■ МАҤНАЙГЫ ТҮҺҮМЭХ
2 — Мындаа — үрүт, арҕас.
4 — Уоргр — көҕүс иэн өттө.
•Xi — Илбис — күүстээх, сэттээх, иччилээх тыл.
— Аргрһыттан тэһииннээх — өлөн-охтон биэрбэт ыйаахтаах, үрдүк
айыылартан өйдөбүллээх.
Ураанрай — сахалар бэйэлэрин ааттанар иккис ааттара (үксүгэр
саха урааҥхай, урааҥхай саха, бороҥ урааҥхай диэн ситимнэргэ
туттуллар).
76 — Дъайыц — туох эмэ ойоҕоһо, тас кытыыта.
84 — Түһулгэ — дьон туохха эмэ тохтоон түһүүлэммит, быстах олохсуйбут
сирэ эбэтэр дьон мустан тугу эмэ тэрийэн ыытар сирдэрэ.
86 — Туона — туох эмэ төлкөтө олоҕурар, туругурар аналлаах түһүлгэтэ,
эйгэтэ эбэтэр туох эмэ киэҥ иэнэ, эйгэтэ.
114 — Туймуу — туох эмэ саҕаланар төрүтэ.
160 — Кыйдама (Кыйдам) — ыраас, киэҥ.
162 — Тумара — ыарҕа үүнэр дулҕалаах сир.
163 — Дьойуо хара тумустаах — сытыы хара тумустаах.
166 — Субан — оҕото суох (сүөһү, сылгы).
191 — Арагдс илгэ (поэт.) — арыы-сүөгэй ас.
194 — Локуора — кубархайдыҥы күөх өҥнөөх, сүлүһүннээх эмтээх от.
204 — Сиибиктэ — күөх, биирдиилээн үүнэр таба муоҕа.
208-209 — Бараах, быллырыыт — уһун синньигэс атахтардаах, уһун тумустаах
уу-бадараан көтөрө.
248 — Хаалык — оноҕоһу угар хаа.
249 — Батыйа — быһах курдук быһыылаах, сэриигэ уонна булка туттуллар
уһун уктаах тэрил. Кырата — батыйа, улахана — батас.
251 — Тукулаан. — тайҕа ортотугар киэҥник тайаан сытар көһө сылдьар
кумахтаах сир.
251 — Тубэ — өрүс тоҕойдорун икки ардыларынааҕы тыа, ойуур эбэтэр
киинтэн ыраах кырыы сир.
262 — Симэхсин эмээхсин — хотон көрөөччү эмээхсин.

