Page 226 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 226

212           ___________ __ ____________________________ П. В. ОГОТОЕВ










                     эбэтэр дьарҕалаах киһиэхэ ыалдьар сиригэр кыа ууран уматан ититэн
                    эмтээһин” диэнтэн ситимнээх буолуон сөп. Оттон “Моҕол” саамай
                    улахан “суду” диэн суолталаах (холобур, көр: моҕол ураһа)
             3265 — Тулааһын — тутуу сүрүн тирэҕэ буолар баҕана, модьу тирээбил
             3272 — Куо Дьаралык — тиэргэн иччитэ. “Дьаралый — киһи муннугар
                    сытыытык билин, муннун дьаралыт” диэнтэн сибээстээх буолуон сөп
             3303 — Аан Алахчын — ийэ дойду иччитэ. “Аан — бастакы”, “Алахчын” —
                    “алаар,көр ” диэнтэн, “хатын (хотун) — ийэ, кэргэн, ойох” диэн
                    суолталаах тыллартан үөскээбит буолуон сөп
             3319 — Иччи — саха итэҕэлинэн туохха барытыгар баар, киһиэхэ учугэйи да,
                    куһаҕаны да оҥоруон сөптөөх тыын
             3225  — Кут-сур — кут (көр: 1716), сүр — киһи таһыгар көстөр күүһэ,
                    күүрээнэ, бэйэ бодото
             3226  — Баччыр — олорор буолбут оҕо
             3227 — Эмэгэт — былыргы дьон илдьэ сылдьан үҥэр-сүгүрүйэр ханнык эмэ
                    иччи эбэтэр абааһы дьүһүнүн үтүгүннэрэн маһынан дуу, туоһунан
                    дуу оҥорбут оҥоһуктара. Бу түбэлтэҕэ “дьэс эмэгэт”, онон ойуун
                    эмэгэтэ чараас алтантан оҥоһулларын курдук, алтантан оҥоһуллубут
                    буолуон сөп
            3228  — Холумтан — саха оһоҕун иннигэр уот отторго, ас буһарарга анаан
                    буорунан симэн оҥорор үрдэтии
            3331 — Өһуө — дьиэ үрдүн тутар сис мае
            3333 — Оно^ос — сэриигэ, кыргыһыыга, булка туттуллар тимир эбэтэр муос
                    төбөлөөх ох
            3339 — Кускуйа Куо — кымньыы аата. “Кускуй — кымнньыынан сытыытык
                    быһа оҕус” диэнтэн үөскээбит. “Куо — (көр: инники)”
            3434 — Кыладыйа Хаан Хотун — олоҥхо дойдутугар баар сир аата. Кыладьыйа
                    диэн “кыладьый — туту эмэ нарылаан кыс, оҥор” суолталаах тылтан
                    ситимнээх
            3452 — Аар багрх — хае да сиринэн моонньоммут, кэрэниистээх, ойуулаах үс
                    саһаан үрдүктээх сэргэ. Бу аар баҕахха былыр ыһыахха кырдьаҕас
                    аарыма атыыры баайаллара
            3459 — Илиэһэй бииһэ — абааһы, адьарай аймахтара
            3476 — Кунан — үс-түөрт сааһыгар сылдьар оҕус
            3483 — Эргэнэ тыа — үрдүк бөдөҥ мастаах оҕус. (эргэнэ — кирилиэс)
            3486 — Сиэр сылгы — бэйэтэ кугастыҥы дьүһүннээх гынан баран сиэлэ,
                    кутуруга хара ардайдаах сылгы
            3491 — Сиэги — бөҕө, уһун таҥас быа, хатыс
   221   222   223   224   225   226   227   228   229   230   231