Page 216 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 216

200                                                                   П. В. ОГОТОЕВ










                           Күндүттэн күндү
                           Күн Күбэй Хотун ийэлэрэ
                           Аартык айаҕар туран
                           Алгыс алҕаан
                           Амалыйа туойдулар.


                                              Алгыс


                   7040 «Көмүс түөстээх күөрэгэйдэрбит,
                           Алтан түөстээх далбарайдарбыт,
                           Аҕыс арахсыылаах
                           Аргыард аах- айд ааннаах
                           Аартык хатыны
                           Алгыс курдук арыйан
                           Ааттаах үчүгэйдик айаннаан
                           Иитиллибит ийэ сиргитигэр
                           Этэҥҥэ эргиллэн тиийэн
                           Сүбэҕитин, сыраҕытын холбоон
                  7050 Сүҥкэн олоҕу сүрүннээҥ,
                           Киһи-сүөһү төрдө буолуҥ,
                           Кэскиллээх олоҕу олоруҥ,
                           Төрөтөр оҕону төлкөлөөҥ,
                           Иитэр сүөһүнү күрүөлээҥ,
                           Тоҕой сэлэни туругурдуҥ,
                           Торҕо түптэни торолутуҥ.
                           Уоттаах харахтаах
                           Утары көрбөтүн,
                           Ох тыллаах
                  7060 Быһа эппэтин.
                           Быһылааҥҥа-былаҕайга былдьатымаҥ,
                           Быдан үгүс дьылларга
                           Быралыйар бырастыы буоллун», —
                          Дэһэ хааллылар.


                           Аҕыс арахсыылаах,
                          Айд ааннаах- аргыардаах
                          Айан аартыгын
                          Алгыс курдук арыйан,
                          Тоҕус тоҕойдоох,
                          Туппутунан мэлдьэхтээх
   211   212   213   214   215   216   217   218   219   220   221