Page 58 - Олоҥхо биһигэр
P. 58
3. Колодезников Н. Теркиҥҥа тэҥнииллэрэ //М үрү саһарҕата. —
1995. — От ыйын 13 күнэ.
ЧЭРИКТЭЙ НЭҺИЛИЭГЭ
1. ГОРОХОВ МИТРОФАН ДМИТРИЕВИЧ-
ЛОС МИИТЭРЭППЭЭН
Үөрэҕэ суох. «Энгельс» колхоз чилиэнэ. Ааллаах Үүҥҥэ гаһаҕас
таһыытыгар сылдьыбыт. Кэлин кыыһыгар Өнөргө олорон өлбүтэ.
Олоҥхото:
1. Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур.
2. ГОРОХОВ ФЕДОР ЯКОВЛЕВИЧ-НЬААЧА СҮӨДЭР
1938 сыллаахха сэттэ уончалааҕар өлбүт. Былыр улуус баайда-
рыгар ыҥырыыга сылдьан олоҥхолуура үһү. Киниттэн Попов Иван
Кононович олоҥхолуурга үөрэммит.
Олоҥхото:
1. Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур.
3. ПОПОВ ИВАН КОНОНОВИЧ-КҮҮСТЭЭХ КУОНААН УОЛА
Ырыаһыт, олоҥхоһут. 1960-с сылларга аҕыс уончатыгар II
Өспөххө олорон өлбүт.
Олоҥхото:
1. Айыы уола Аан Айдаарыкы бухатыыр. Готовцев Г.А. 1954 с.
Өспөх нэһилиэгэр суруйбут. (5 ф ., 7 уоп., 145 дь.)
4. ПОПОВ ВЛАДИМИР-ОЛОНХОҺУТ БОЛОДЬУМАР
XIX үйэ үчүтэй олоҥхоһута, ырыаһыта.
5. РОЖИН НИКОЛАЙ РОМАНОВИЧ-ТАРЫЛЛА НЬУКУЛАЙ
1938 с. сэттэ уончалааҕар өлбүт. Үчүгэй тыллаах-өстөөх кэп-
сээнньит, олоҥхоһут.
6. СВЕШНИКОВ ИННОКЕНТИЙ ГАВРИЛЬЕВИЧ-ХАГДАА
( 1 9 0 7 - 1 9 4 3 )
«Ыччат суола» колхоз чилиэнэ. Бэйэтэ анаан нэһилиэгэр
олоҥхолуура үһү. 1943 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан баран ити
сыл өлбүт.
54

