Page 57 - Олоҥхо биһигэр
P. 57

2.  АЛЕКСЕЕВ  РОМАН  ПЕТРОВИЧ-БӨҔӨ УОЛА АРАМААН
                                    ( 1 9 0 0 - 1 9 7 7 )
             Биллиилээх  олоҥхоһут,  ырыаһыт,  чабырҕахсыт.  Ииппит  аҕата
        Алексеев П.Г.-Бөҕө Бүөтүр уолун  7-8  сааһыттан  олоҥхо,  ырыа тыл-
        ларыгар  үөрэппит.  Наһаар  Бөтүөкэптэн  «Алаатыыр  Ала  Туйгун»
         олоҥхолору истибитэ уонна «Алаатыыр Ала Туйгун» үс үйэтин толору
         суруттарбыт  үтүөлээх.  Бу  олоҥхону  эпосовед  И.В.Пухов  үөрэппитэ
        уонна  суруллубут  кээмэйинэн  Аан  дойдуга  4-с  миэстэлээх  олоҥхо
         буолар диэн  үрдүк сыанабылы  биэрбитэ.
             Олоҥхолоро:
             1.  Халыан хара аттаах Хардааччы Баабый.  (Бөҕө Бүөтүр олоҥхото.)
             2.  Сур дьаҕыл  аттаах тустуулаах Дьура  Бөҕө.
             (Сивцев  Егор  Петрович-Лаһыанай  олоҥхото.)
             3.  Көҕүрүмтүө-дьаҕылымтыа атгаах Айаҕастай-Тураҕастай Бэргэн.
             Бөхсөлүйэ уола  Бөчөх  Баһылай олоҥхото,  II  Өспөх.
             4.  Дьалысханнаах  сырыылаах,  дьалхааннаах  айаннаах  дьаҕыл
        сиэр  аттаах  Хаан Айыы Дьаргыстай.
             Попов  Митрофан Андреевич-Мочохоос уолун олоҥхото.
             5. Арҕаһыгар арыы мастаах, анаалык улардаах, моонньугар боруу-
        лаах күөллээх,  мороду кустаах,  буурҕалаах айаннаах бурҕаат буулуур
        аттаах Буура Дохсун  бухатыыр.
             Заболоцкай  В.П.-Бачы  Баһылай олоҥхото.
             6.  Хайҕамсык Хара Хаан  оҕонньор,  Хабыр  Баай эмээхсин.
             7.  Байдам  сиэр  аттаах  Баабый  Баатыр.
             8.  Сарахана  Күүркэнньик.
             9.  Алаатыыр Ала Туйгун.
             Алексеева А.Р, Шелковников К.Г., Федоров В.И., Андреева А.П.
         1975  с.  суруйан  бүтэрбиттэр.  (5  ф.,  7  уоп.,  141  дь.)
             6,7,8,9  олоҥхолор  Наһаар  Бөтүкүөп  олоҥхолоро.  Р.П.Алексеев
        мантан атын  олоҥхолору  эмиэ  олоҥхолуура.
                    3.  НОВОГОДИН ЛАВРЕНТИЙ  ПЕТРОВИЧ
                                    ( 1 9 1 9 - 1 9 8 6 )
             Тэбиик  нэһилиэгэр  төрөөбүт.  Үчүгэй  куоластаах  ырыаһыт.
        Сааһыран баран олоҥхолуур буолбут. Олоҥхолуурга Р.П.Алексеевтан
        үөрэммит.
             Олоҥхолоро:
             1.  Туруорбах  Бэргэн  (Наһаар  Бөтүкүөптэн  утумнаабыт).
             2.  Күскэм  күүстээх  Күн  Эрэлик.
             1.  Олоҥхо  истэр дьоро киэһэлэр//Кыым.  —  1982.  —  Муус устар
        4 күнэ.
             2.  Прудецкай  И.  Олоҥхо,  тойук  киэһэлэрэ//Ленинскэй  тэри-
        йээччи.—  1983.  — Ахсынньы  15  күнэ.

                                                                        53
   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62