Page 102 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 102
Хаххалыы сылдьан,
Хаанымсах суордуу
Хайыта тыытаары,
Арҕаа дойду адьырҕата,
Айан суолун түөкүнэ,
Сэриитин киллэрдэ,
Силлиэни түһэрдэ..._
Сир Ийэ сирэйигэр
Сидьиҥ атаҕынан
Уктэнэ охсон
Өлбөөдүтэн барда;
Сиэрэй солко
Сибэкки оту,
Хаһыҥ курдук
Хагдарыта оҕуста;
Хотойор-долгуйар
Хонуулары кубарытта,
Хойуу дьиэлээх
Куораттары хоруотта...
Сап тутаҥҥын
Сэриилэһэр күнүҥ буолла,
Ох ылаҥҥын
Охсуһар кэмиҥ кэллэ...
Чэй эрэ,
Өстөөҕү утары
6)ргөс курдук суйулаа!
Кылааннаах биилээх
Кылыс курдук,
Ириэнэхтэн иҥнибэккэ,
Иннигинэн дьулуруй!
Хаар маҥан баттахтаах
Хатын ийэҥ
Алгыһын толорбокко,
Ааппын алдьатаайыҥыный,
Үөлээннээхтэргиттэн хаалаҥҥын
Үөҕүүгэ ыытаайыҥыный,
Мэһэйтэн иҥнэҥҥин
Мэҥнээх сирэйдээйиҥиний,
Дубук туттаҥҥын
Тордохтоох ньуурдаайыҥыный!..
96

