Page 105 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 105

Ы Л Л А А   Э Р Э ,   Х А М Ы Һ Ы М

                      Хатарыылаах  оҥоһуулаах,
                      Хатан  тимир  тыллаах,
                      Хамыһым  оҕотоо!
                      Хаһыылаах  араамкалаах
                      Хатыҥ  мае  хааҕытган
                      Халты  көтөн  тахсаҥҥын,  —
                      Улуу  тайаҕым
                      Уллугун  силиитинэн
                      Ураннаан  оҥорбут  курдук,
                      Уоспар  сигэнээт,
                      Хоруоҥка  тааһы
                      Холбуу  туппут  курдук,
                      Тэҥҥэ  килбэйэр
                      Тииспэр  тирэнээт,  —
                      Ыраас  күннээх
                      Ырайым  сиригэр,
                      Ымыы  чыычаахтыы,
                      Ыллаан  дьаралыт!
                      Күөх  кырыстаах
                      Күнүм  сиригэр,
                      Күөрэгэй  чыычаахтыы^.
                      Керүлээн  дьириһит!..
                      Эриллэҕэс  харылаах
                      Элэйбит  тиҥилэхтээх
                      Эһэбиниин  доҕордоһон,
                      Элиэнэ  хотуну
                      Эҥэрдэспит  сурахтааххым,
                      Арҕаналаах  агдалаах,
                     Араахымал&ах  атахтаах
                      Аҕабыныын  аргыстаһаи,
                                     99
   100   101   102   103   104   105   106   107   108   109   110