Page 107 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 107
Оһуор-дьэрэкээй ойуулаах --Д
Орто сэргэ төрдүгэр,
Оонньуур долгун куоласкынан
Олоҥхолуун доҕордоһон,
Уруйдаһар буоларыҥ;
Хабарҕа-кэрдиис ойуулаах
Хаҥас сэргэ төрдугэр,
Ханайаана саҥастардыын ;
Ханыылаһа хаамсаҥҥын,
Айаар-чаҕаан ырыаҕынан
Айхал-уруй туойарыҥ, ,
Кыыппаҕы сыһыарбатах
Кырдал хонуу үрдүгэр
Кырыыппалыы куоластаах
Кыталыктыы ыллыырыҥ,
Тэтэрэр алтан сибэккилээх
Тиэргэн тэлгэһэ иһигэр
Эҕэрдэлии эйээрэн
Эймэнитэ ыллыырыҥ.
Дьэ эрэ, доҕоруом,
Дьэ эрэ, хамыһыам!
Ымыы-көлүөс чыычаахтыы
Ыллаа, — диэтэ Сталин,
Нохтолоох сүрэҕи долгутар
Нуотаҕын айда норуотуҥ.
Дьэ эрэ, хамыһыам!
Дьиэрэт эрэ ырыаҕын!
Хатыҥ-чараҥ быыһынан
Хаас курдук хаҥкынаан,
Хонуу-толоон үрдүнэн
Куба кыыллыы хоҥкунаан,
Кырдал-сыһыы баһынан
Кыталыктыы кыҥкынаан,
Томтор-толоон үрдүнэн
Туйгарардыы дьурулаан,
Атастарбын ыҥыран
Айаар эрэ тыаскынан,
Дьүөгэлэрбин ыҥыран
Дьүрүһүй эрэ хоһуйан!.
Дьэ эрэ,
Сабарай хара тилэҕинэн
1(1

