Page 122 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 122

АТ  ЫРЫАТА

                           (Сатирическай  хоһоон)
                     Торҕо  чуун  курдук  субуллар
                     Долгун  хара  кутуруктаах,
                     Атаҕын  ньилбэгинэн  охсуллар
                     Ардайдаах  нэлим  хара  сиэллээх,
                     Туруору  уҥуохтаах,
                     Дьондоҕор  быһыылаах
                     Дуул  сылгы
                     Тоһоҕо  'бүтэйгэ
                     Токуччу  бааллан  туран,
                     Муиур  туйаҕынан
                     Муус  чигдини  табыйан  көрө-көрө,
                     Тииһин  аһыытынан
                     Титирик  сиэрдийэни  кирэн  ыла-ыла,
                     Киҥкир-киҥкир  иҥэрсийэн
                     Кэпсиир  эбит,  доҕоттоор:

                     —  «Тоҕо
                     Өрөгөйдөөх  өрөгөр  өттүкпэр
                     Өрбөҕү  ыйЕ-атыгыт?
                     Тоҕо
                     Саргылаах  самыым  таһаатыгар
                     Сарымтыбыт  куулу  баайдыгыт?
                     Тоҕо
                     Эриэн  суҥ  сөрүөлээх
                     Этиргэн  ботобун  элитэҥҥит
                     Эттээх  көхсүм  үрдүгэр
                     Эргэ  сону  тэлгээтигит?
                     Тоҕо
                     Хаарыан  хатан  сыҥаахиар
                     Хатыс  быаны  хатардыгыт?
                     Тоҕо
                     Дороххой  тирбэҕэнэн  туомтааҥҥыт
                                     116
   117   118   119   120   121   122   123   124   125   126   127