Page 125 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 125
Үрдүк хара тыалар
Өҥкөөхтөөх сылбахтарын үрдүнэн
Үс ардайдаах нэлим хара сиэлим
Өрө охсулл&н
Өрүкүйэн ааһаарай!
Аны саатар биирдэ
Айыы оҕотун
Ат курдук тутаргыт буоллар,
Бүтэй Бүлүү эбэ хотун
Бүөр хара тумулугар
Бүгүлэхтии оонньуох этим!
Кэтит Киллэм эбэ хотун
Киэҥ сыһыытыгар
Кистээн дьырылатыах этим!
Үөрүүбэр,
Өрөгөр
Өргес хара кулгаахтарбын
Үөлгү-сүөргү чөрбөҥнөтөн,
Төгүрүк,
Түөрт түөрэҥ көмүс туйахтарбын
Түргэн түргэнник дьоруолатан,
Өлүөхүмэнэн
өксөйөн,
Элгээйинэн
эргийэн,
Хоронон
курдаан,
Амма хотуну
атыллыах этим,
Өймөкөөн эбэни
Өҥөйүөх этим!
Истиҥ эрэ,
Иччилэрим эрэ буолларгыт,
Иҥэрсийэр саҥам эгэлгэтин:
Ат буолбутум тухары
Атаххытын сынньатартан
Аккаастаабыт
Айыым суоҕа!
Муоһабын туттарбытым тухары
Муунта таһаҕаскытын
Булгуппут
119

