Page 123 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 123

Т0Һ05050  туруору  баайдыгыг?
                 Тоҕо
                 Дьаҥхала&х  дьайыҥнааҥҥыт
                 Таһырдьа  чигдигэ  титирэттигит?
                 Истиҥ  эрэ,
                 Иччилэрим  эрэ  буолларгыт!
                 Сыа  көлө
                 Сындалыйан  турабын,
                 Эт  сүөһү
                 Элэйэн  эрэбин!
                 Суҥхарҕаабатах  'бэйэм
                 Суҥхарҕаары  гынным,
                 Көрдөспөтөх  'бэйэм
                 Көрдөһөөрү  оҥоһуннум...

                 Ат  буолбутум  тухары
                 Араҕас  түнэ  таҥастаах
                 Аймах-хаан  удьуордаргытын
                 Арҕаһым  үрдүгэр  олордон
                 Айан  суолун  арыйбыт
                 Аахеардаах  этим!
                 Үрүҥ  тыыҥҥытын  толуйаары
                 Үрдүк  хара  тыаны
                 Үрдүнэн  сүүрбүт
                 Өҥөлөөх  буоларым!
                 Сылайбыт  атаххытын  сынньатаары
                 Сыыры,  хайаны  дабайан
                 Сыарҕаны  соспут
                 Сыаналаах  этим!
                 Саатар  ону  сыанала&ҥ,
                 Саха  урааҥхай  иччилэриэм,
                 Көмүскэстээх  санаалаах
                 Күнүм  дьоноо!
                 Көмүс  далай  уутунан
                 Көхсүбүн  астаран,
                 Күөх  еибэкки  отунан
                 Күүс  ылларан,
                 Ох  курдук
                 Умнуургут  эбитэ  буоллар,
                 Кийиит  курдук
                 Киэргэтэргит  эбитэ  буоллар:
                                  117
   118   119   120   121   122   123   124   125   126   127   128