Page 149 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 149

Хатан  ыстаал  танкалары,
                  Өһөгөйдөех  өстөөхтөрү
                 Үлтүрүтэн  өрө  тэбэр
                 Үгүс  орудиелары
                 Оҥорон-уһааран  таһаарар
                 Улуу  завод  буолар  эбит.

                 Москва,  —
                 Эдэр-чэгиэн  ыччакка
                 Эрчимнээх  санааны  иҥэрэн,
                 Үүнэр-үөскүүр  сүһүөххэ
                 Үрдүк  өйү  уган
                  Күөх  кыраай  көхсүгэр,
                 Күннэтэ  геройдары  көтүтэр,
                 Күндү  биһик  буолар  эбит.

                 Сүүс  омук  сүҥкэннэрэ
                 Сүрэхтэрин,  сүбэлэрин  холбоон,
                 Сөмүйэлэрин  төбөтүнэн
                 Тобулу  анньан  ааһар
                 Туочукалара  манна  баар  эбит  —
                 Тойон  эрбэҕим  сүрэҕинэн
                 Туруору  баттастаҕым!..
                 Хас  бары  омук  тылынан
                 Хаҥкыначчы  ыллыы  сытар
                 Хатан  кыллаах  гитара,
                 Хайа,  манна  баар  эбит,  —
                 Уҥа  сөмүйэм  уһугунан
                 Охсуолуу  түһэн  аастаҕым!..
                                                 1944  сы
   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154