Page 148 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 148

Хантайа-хантайа,  ханалдьыйар,
                     Халыҥ түестээх  хаас  курдук,
                     Ханайбыг хатын дьахтар,
                     Оҕолору мунньан оонньотор
                     Уһуордаах  сада  буолар  эбит!
                     Москва,—
                     Хайалары  хайа  тыыран,
                     Хара  чугуун  хайыҥнаммыт,
                     Тумуллары  тоҕо  солоон,
                     Толбонноох  мыраамар  биэрэктэммит,.
                     Улуу муоралардыын укюуһар,
                     Улаҕа  далайдардыын  сылдьыһар,
                     Элбэх  ханаал  т.үмүллэр,
                     Үгүс  өрүс холбоһор,
                     Киэҥ Ийэ дойдубут
                     Киин  порта  буолар  эбит.
                     Москва,—
                     Улуу муораларынан
                     Уста  сылдьар  харааптарга,
                     Күөх  халлааннарынан
                     Көтө  сылдьар  аалларга,
                     Көмүстээх'  дириҥ  саахталарга,
                      Бурдуктаах  киэҥ  буолаларга,
                     Үтүө-кэрэ  олохпутун
                     Үүннэрэ-айа  сылдьар,
                     Үгүс  мөлүйүөн  ахсааннаах
                     Үлэһит  дьоннорбутун
                      Сүбэлии-салайа  олорор
                      Сүдү  ыстаансыйа  буолар  эбит.
                      Москва,  —
                     Сулус  уотун  суоттуур,
                      Ый  сардаҥатым  ырытар,
                      Сир  кыраадыһын  мээрэйдиир,
                      Халлаан  дириҥин  тургутар,
                      Үүнээйи  сүмэтин  үөрэтэр  —
                      Үлэлээн  ньирилии  турар
                      Үтүө  лаборатория  буолар  эбит.
                     Москва,  —
                      Хаанымсах  фашистары
                      Хампарытан  хам  сынар
                                      142
   143   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153