Page 152 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 152

Тэбэр  долгунун  үрдүгэр
                      Тирэччи  тирэммитинэн,
                      Дириҥ  куоллараан  усяун
                      Тимирэн  иһэр  эбиппин...

                      Хайа  үрдүттэн
                      Халаан  уута
                      Халыһыйан  түһэн  иһэрин  курдук,
                      Харса  суох  аллара  халыгырыыр
                      Хатан  тимир  кирилиэскэ
                      Хантаччы  турбутунан,
                      Түгэҕэ  көстүбэт
                      Түлүгүрэс  «түгэн  тугэҕэр»
                      Түргэн  үлүгэрдик
                      Түһэн  киирэн  истим...

                      Алтай  сүүрүк
                      Адаархай  кэрдииһигэр
                      Аччаччы  тэбиммптинэн,
                      Аллара  курулаан  түһэн
                      Алыс  элбэх  дьоннордуун
                      Аалыҥнаһан  бардым.

                      Ол  сылдьаи
                      Одуулаан  көр'бүтүм:
                      Куорат  анна
                      Курдаттыы  хороонноммут,
                      Сир  анна
                      Силбэһэ  хаһыллыбыт,
                      Хатыр  маҥан  халлаан
                      Хабаҕальпн  курдук,
                      Халтаҥ  таас  үрүттэммит,
                      Субалаҥ  маҥан  халлаан
                      Сулуһун  курдук,
                      Суһумнас  үгүс  уоттаммыт.
                      Эмэҕирбэт  буоллун  диэн,
                      Эстэрик  таас  эркиннэммит,
                      Мултуйбат  буоллун  диэн,
                      Муос  уһуор  муосталаммыт,
                      Айгыраабат  буоллун  диэн,
                      Алтай  барана  аҥаабылламмыт
                      Тулхадыйбат  'буоллун  диэн,
                      Толбонноох  мыраамар  тулааһыннаммыт.
                                      Н6
   147   148   149   150   151   152   153   154   155   156   157