Page 153 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 153

Бай,  доҕоттоор,
                 Манна  эбит  дин  —
                  Балаадыйбат,  маҥан  күннээх
                 Мааны  мандаар  дьаарбаҥ,
                 Хараҥарбат,  сырдык  халлааннаах,
                 Хаарыан  үтүө  дойду!..
                                                   \
                 Оо,  доҕоттоор,
                 Умна  сыстым  —
                 Ийэ  еирим  үрдүттэн
                 Икки  сүүс  саһааны
                  Иһирдьэ  курулаан  түһэн,
                 Илэ-дьикти  бэйэлээх,
                 Иэҕии  көмүс  куупал  анныгар
                  Эргичийэ  турарбын,
                 Үрүҥ  көмүс  көрүдүөр  устун
                 Үтүрүһэ  сылдьарбын...

                 Көстөөх  сиртэн
                 Көй  салгыны
                  Көмүс  күөнүнэн
                  Көҥү  үтэн,
                 Салаҥ  ыраахтан
                 Сай  салгыны
                 Саба^а  түөһүнэн
                 Саба  күрдьэн,
                 Уһуутуу-уһуутуу  сундулуйбут.
                 Уһун  тимир  «поезд»,
                 Уйуһуйан  кэлэн,
                 Ойоҕолоон  кэбистэ.

                 Мин  киирэн:
                  Эгдэҥниир  эрэһиинэ  орон
                 «Иэнин  этигэр»  'бигэтэн,
                 Күөгэҥниир  көмүс  олох
                  Көхсүн  үрдүгэр  олорон,
                 Сыыйыы  тимир  ыллык  устуҥ,
                 Сындыыстатан  истим.
                 Поезд  обургу,
                 Чугуун  орох  ортотунан,
                 Чуҥкунуу-чуҥкунуу,  дьулуйд»..
                 Укулаат  көҥдөй  иһинэн,
                                   147
   148   149   150   151   152   153   154   155   156   157   158