Page 156 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 156

Аҕыс  сгллааҥ  аниынан
                     Аалыылаах  ыстыыгы
                     Адаарыччы  аспытыҥ!
                     Эн,
                     Өлүү  хара  суордара
                     •Өндүл  маҥан  халлааҥҥа
                     Үмүөрүһэр  күннэригэр,
                     Баараҕай  куоратым
                     Бар-дьонун
                     Көмүс  күөҥҥэр  уктан
                     Күлүктээн  көмүскээбитиҥ!
                                                   •V.
                     Барҕа  баһыыба,  эйиэхэ,
                     Балаһа  тимир  куйахтаах,
                     Бастыҥ-мааны  метро!
                     Уруй-айхал  буоллун,
                     Уустаан-ураннаан,  маны  айбыт,
                     Улуу  Москва  олохтооҕор!

                                               1944  с.,  Москва.
   151   152   153   154   155   156   157   158   159   160   161