Page 162 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 162

Ийэлэргэ,
                        Аҕаларга
                        Мин  —
                        Биир  сындааһыным
                        Хамсыырын  тухары,
                        Биир  бүлтэһим
                        Бүтүнүн  тухары
                        Хаанымсах  фашистары
                        Харса  суох  кыргыам  диэн,
                        Аан  дархан  андаҕары
                        Андаҕайабын!»  —  диэтэ.
                        Полкалар,  батальоннар
                        Бука  бары:
                        «Андаҕайабыт,
                        Бу  уот  кутаа  иннигэр,
                        Андаҕайабыт,
                        Бу  аһыылаах  ийэ  иннигэр
                        Өстөөҕү  еһүөннүүргэ!»—дэстилэр.
                                                 I
                        Кинилэр
                        Уордаах  андаҕардара
                        Украина  толоонун  үрдүнэн
                        Улам  ыраатан
                        Уораһыйа  турда.

                                           Сэриилэһэр  армия,
                                             Бэс  ыйа,  1944  С.
   157   158   159   160   161   162   163   164   165   166   167