Page 262 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 262

кэҕэ

                      Мутук,  лабаа  иилиннэ
                      Мотуок  солко  киистэтин,
                      Көҥүс,  үрэх  бүрүннэ
                      Көмүс  мөһүүрэ  долгунун.

                      Кэрэ  бэлиэ  куоластаах
                      Кэҕэлиирэ  кыылым  дьэ,
                      Киҥкир  хара  тыаларбар
                      Кэрээбэккэ  кэпсээхтээ!
                      Үтүө  сайын  үөрүүтүн
                      Өрөөбөккө  туоһулаа!
                      Колхоз  күргүөм  үлэтин
                      Хоһуйаҥҥын  куккууктаа!

                                               1950  с.




















                                     256
   257   258   259   260   261   262   263   264   265   266   267