Page 258 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 258

П А В Л И Н
                    Индия  дойдутун
                    Эргэнэ  тыатыгар
                    Бастыҥ  кэрэ  дьүһүннээх
                    Павлин  кыыл  үөскээбит.

                    Баай  кэрэ  көрүҥэ
                    Бар-дьоҥҥо  хайҕаммыт,
                    Кини  кутуруга
                    Кэпсээҥҥэ  кэпсэммит.
                    Улахан  нуоБайа
                    Уһун  да  буолар  эбит,
                    Уон  өҥүнэн  оэнньуур
                    Уустук  да  дьүһүннээх.

                    Киниэхэ  көрөбүн:
                    Киирэр  күн  сарыалын,
                    Мрамор  таас  толбонун,
                    Муора  күөх  долгунун.

                    Киниэхэ  көрөбүн:
                    Кустук  өҥө  оонньуурун,
                    Кыһыл  көмүс  килбэҥниирин,
                    Күөх  солко  долгуҥнуурун.
                                                1950  с.







                                   252
   253   254   255   256   257   258   259   260   261   262   263