Page 263 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 263
КУОҔАС
Ыйдаҥа күһүҥҥү киэһэ
Ыҥыыр атынан иһэбип,
Ичигэс салгын миэхэ
Ил гына охсорун билэбин.
Иннибэр тыымпы килэҥэ
Злэҥнээн көстөрүн көрөбүн.
Хойуу хамыс тыалырҕаан
КуугунУУР тыаһын истзбин.
V
Уҥуор, күөл куулатыгар,
Ойуур күлүгэ барыйар,
Ыраахтан эрэһэ долгуҥҥа
Ый сандаара сыдьаайар.
Үер кустар хойутаан.
Үөһэнэн сирдьигинээн ааһаллар.
Куоҕастар, араастаан хахааран,
Хонук чуумпуну аймыыллар.
Сүтэн хаалан бараннар,
Сүрдээх үлүгэрдик улуйаллар,
Эмиэ чуумпуран иһэннэр,
Эймэнэн, суланан кэлэллэр.
Ээй, билэбин, куоҕастар,
Итиннэ балыктыы сылдьаргытын
Эһиги бочоохтору, мундулары
Эккирэтэн, умсан ыларгытын.
Сытыы уһун тумускут,
Сылбыгыр бэйэлээх уҥуоххут,
17 Сергей Васильев 257

