Page 271 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 271

Судана,  хаһыыра  сылдьыа»,  —
                                           диэбиттэр.
                  Элиэни  этээри  гын.ан  баран,
                  «Иҥсзтэ,  кэнтэҕэ  бэрт,
                 Элгээн  ыалын  буллаҕына
                  Элиэтээн  күнүн  барыаҕа»,— диэбиттэр.
                  Быыкаа  бэйэлээх
                  Былдьырыыт  эрэйдээх:
                  «Көстөр үскэлинэн даманы
                  Күүстээх  көрүҥнээх,
                  Турар  бэйэтинэн. дараны
                  Дьоһун  бэйэлээх,
                  Ууну  да  кэһэр
                  Уһун  СОФОЛООХ,
                  Хонууну да  хоротор
                  Куоһарыылаах  хардыылаах,
                  Туруйаны,  бары,
                  Тойонунан талан,
                 Көмүс  сымыыт  сытыйбат
                  Күндү дойдутун
                  Көрдөтө  ыытыахха»,— диэбит.
                  Хонуу  көтөрө  бары
                 Хоҥкуйан  сүгүрүйэн  барбыт,
                  Уу  көтөрө  кытары
                 Уруйдаан-эҕэрдэлээн  тур бут.

                 Онуоха
                 Улаҕа  олорор
                 Буор  брруор  дьүһүннээх
                 Боҕурҕана  эрэйдээх:
                 «Пахай  даҕаны,
                 Бачча  элбэх  көтөртөн
                 Бастыҥмыт  буолуо  диэн
                 Туруйаны  туруорбуккут
                 Тугун  тэлооһой!
                 Ити  күтүр
                 Эгэлгэтэ  суох
                 Элбэх  хаһыытынан  эрэ  ини!
                 Улуу дьаалы
                 Урана  суох
                 Уһун  моонньунан  эрэ  ини!
                 Өйүгэр-санаатыгар  оҕустаран
                                 265
   266   267   268   269   270   271   272   273   274   275   276