Page 268 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 268
Аҥала көрүҥнээх,
Аҥыр эрэйдээх
Хороҥ от быыһыгар
Хоройон олорон
Саһыгас бэйэтэ сахсаҥнаан,
Саҥарбат бэйэтэ саҥаран:
— Төрөллөөх да бэйэтинэн,
Төбөтө да улаханынан,
Хараҕа да сытыытынан
Хаххаҥҥа тэҥнээх ким баарый?
Кинини талан
Көмүс сымыыт сытыйбат дойдутун
Көрдөтө ыытыахха сөп! — диэбит.
Хахханы арыаллаан,
Хараҕын хайҕаан,
Бары сөпсөөбүттэр:
«Бара оҕус!» — диэбиттэр...
Хаххан обургу
Хамына тардан,
Хотунун кытта
Куустуһа охсоот,
Дьоллоох сөрүүн сири көрдүү
Тус хоту көппүт...
Өр буолбут,
Үгүс хонук ааспыт.
Биир киэһэ,
Хараҥа буолуута
Хаххан эргийэн кэлбит.
Күүппүт көтердөр
Күүгүнүү мустубуттар,
Ы ксаабыт эрэйдээхтэр
Ыга симсибиттэр,
«Сөрүүн дойду ханна баарый,
Сүбэлии тардый, бара охсуоҕу» —
диэбиттэр.
Онуоха хаххан
Улаханнык мэриличчи корен баран:
«Сөрүүн салгыннаах сири булбатым,
Сөтүөлүөххэ сөптөөх ууну көрбөтүм,
Олорору уйуох
Окко-маска түбэспэтим,
26 >

