Page 418 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 418

Харыйалаах  ыаллара  лаардаһан,
                 «Хардыы»  диэн  ааттаннылар;
                 Үрэх  ыаллара  наардаһан,
                 «Үунүү»  диэн  ааттаннылар;
                 Дойду  ыаллара  холбоһон,
                 «Доҕордоһуу»  диэн  буоллулар;
                 Кубалаах  ыаллара  холбоһон,
                 «Куотуһуу»  диэн  буоллулар.
                 Түөрт  колхоз  тэрилиннэ,
                 Түүн  үөһэ  мунньах  сабылынна.
                 Аан  аайы,  суол  аайы  дьон  кыбылынна,
                 Аттаах-сатыы  ыһылынна.

                 Күөх  халлаан  оройугар,
                 Көгөччөр  былыт  доллунугар
                 Күндээрэр  көмүс  ый  сөтүөлээн,
                 Күөрэйэ-күөрэйэ  умуста.
                 Сыарҕа  тыаһын  иһиллээн,
                 Сытыргыы-сытыргыы  дьиксиргээн,
                 Ыаллаах  алаас  аайыттан
                 Ыттар  бэркэ  үрдүлэр.

                 Дьиэ  ахсын  кэргэттэр  уһуктан,
                 Дьэ,  сураһан,  еүпсүгүрэн  турдулар.
                 Артыал,  ТСОЗ  буолбуттар,
                 Араас  ыйытыылар  таҕыстылар.
                 Атыыһыт  Сүөдэр  дьиэтигэр
                 Аймалҕан  бөҕө  буолла.
                 Хайа  да  үйэтигэр
                 Хаһыырбатах  хаһыы  туолла.

                 Оҕонньор  күүскэ  арыгылаата,
                 Оҕолуу  марылаччы  ытаата.
                 Сиргэ  иэнинэн  тиэйдэ,
                 Сирэйин-хараҕын  муостаҕа  лигийдэ.

                 Иһэн  бүтэрбит  иһитин
                 Иҥнэҥнэтэн  көрө-көрө
                 Илиитин таһынан  кыыратта.
                 Дьэбиннээҕинэн  килээриччи
                 Дьиэтин  тула  одууласта.
                                    412
   413   414   415   416   417   418   419   420   421   422   423