Page 422 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 422
Чальгыма этэн бүттэ.
Чанчыгынан тиэрэ көрдө.
— Оуох, саҥарыма,
Оороҕун эрэ кистии ууруллуо,
Сороҕун илэччи илдьэ сылдьыллыа...
— Ол эмиэ туохпутуй,
Онон тугу гыныахпытый?
«Саҥарыма,
Үрдүктэр өлүүлэрэ,
Өлү,ү суолун бүөлэрэ.
Ханна гынныҥ, — диэн хаайыахтара,
Кистээбиккин, — диэн кирдиэлэтиэхтэрэ.
Тобох-ибэх ортоҕуна
Дууһаны толуйуоҕа,
Хаарбах-иирбэх хааллаҕына
Хараҕы албынныаҕа.
Саҥарыма!»—
Дии-дии оҕонньор
Эргим-урпум хайыста,
Икки сиэбин хаһыста.
Кубаача хараҕа уоттанан,
Кулгааҕа, иэдэһэ кытаран,
Аба-сата кыһатыгар
Абылана, уһаарылла олордо.
Өс-саас дьуоҕатыгар
Уһуллан, хатарыллан истэ.
Оҕонньор өссө биһнрэмнээн,
Оҥостсиоҥосто сипсиҥнээн:
«Кэрэхтээҕи өйгөр хатаа,
Кисгээн ханна эрэ бэлиэтээ.
Куулаҕа хохудал таит аттыгар,
Халдьаайыга хатын мае анныгар,
Илин баска икки бэрдьикэ иннигэр,
Арҕаа атахха ачаахтаах татарин төрдү-
гэр,
Холбуйалар баар буолуохтара,
Хойут олору көрөттөөр.
Ыйаастар ырыганыҥ буолуохтара,
Ыксаатаххына, олорго тиийтэлээр...»
416

